«Олохтоох бэйэни салайыныы — норуот былааһа
Муус устар 21 күнэ – Арассыыйаҕа Олохтоох бэйэни салайыныы күнэ. 1785 сыл муус устар 21 күнүгэр Екатерина II куораттарга “Жалованная грамота” диэни таһаарбыта, бу докумуон олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытгар олук уурбута. Бу күн Арассыыйаҕа 2013 сылтан бэлиэтэнэр. Саха сиригэр Олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтэ тэриллибитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Бу туһунан нэһилиэктэр баһылыктара бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.
Алексей Васильев, Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгин баһылыга:
— Бэйэни салайыныы – бу норуот былааһа. Дьон-сэргэ кыһалҕатын быһаарар, көҕүлээһиннэрин өйүүр, норуокка саамай чугас, ыкса үлэлэһэр салалта буолар. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ ирдэһэр, кыһалҕаларын этинэр киһилээхтэр, ол бэйэлэрэ талбыт баһылыктара. Баһылык судаарыстыба таһаарбыт сокуоннарынан үлэлиир.
Олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ бу сүүрбэччэ сыл устата куһаҕана суохтук үлэлээн кэллэ. Онон бу систиэмэ сүтүө суохтаах дии саныыбын. Суох гыннахха, норуот ханна да баран, быһаччы ирдэһэр, кыһалҕатын этинэр кыаҕа суох буолар. Онон баһылыктар былааһы уонна норуоту ситимнээн, дойдулара сайдарын туһугар үлэлээн-хамсаан кэллилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: