Олохтоох дьахтар 35 омук гражданын дьиэтигэр регистрациялаабыт чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Share

Дьокуускай куорат Борокуратуурата олохтоох дьахтар Арассыыйа сиригэр-уотугар киирбит омук гражданнарын сымыйанан учуокка туруорбутунан холуобунай дьыаланы тэрийдэ. Дьахтар РФ Холуобунйа кодексын 322.3 ыст. буруйданар диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Силиэстийэ көрдөрөрүнэн, буруйдаах дьахтар, 2023 сылтан 2024 сылга диэри кэмҥэ, Дьокуускай куоракка дьиэлээх хаһаайка буолан, материальнай өттүнэн туһанар сыаллаах, тас дойду гражданнарын олорор сирдэрин туһунан 35 сымыйа регистрацияны оҥорбут.

Борокуруор холуобунай дьыаланы ис дьиҥин көрөргө суукка ыыппыт. Оттон дьахтар буруйдааҕа билиннэҕинэ 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ ыстарааптаныан, эбэтэр 3 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago