Олохтоох дьэдьэн уулусса уҥуор атыыланар

Share

Куоракка Бааһынай ырыынагын таһынан ааһан иһэн, баҕар дьэдьэн, хаптаҕас, олохтоох арбуз киирэн эрэр буолаарай диэн өҥөс гынным.

Хайата да суох эбит. Биир дьахтар атыылааччыттан дьэдьэн ыйыппытын, уулусса уҥуор турар массыынаҕа атыылыыллар үһү диэн эппиэттээтэ. Хата ол оннугар Марха клубниката диэн клубника бөҕө атыылана турар. Дьоҕойон 170 кыраамнаах клубниканы 500 солк. атыыластым. Киилэтэ бука киһини доргутан түһэрэр буолуохтаах диэн ыйыппатым да. Краснодартан аҕаллыбыт диэн ежевиканы, малинаны атыылыыллар. 100 кыраама 300 солк, ол аата киилэтэ 3 тыһ. солк. Амурскай уобалас крыжовнига, саадка үүнэр бэрт бөдөҥ  сугуна бааллар. Олохтоох арбуз күһүөрү тахсыа дииллэр, билигин Казахстан, Узбекистан арбузтара төкүнүһэ сыталлар. Казахстан арбуһун киилэтэ 100 солкуобай.

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ

Ол оннугар оҕурсуу баһаам. Тулагы 80 солк-даах оҕурсутуттан саҕалаан сыана 150 солк. тиийэ араастаһар. Олохтоох помидор диэн бөдөҥ баҕайы помидоры сыҥалыыллар, сыаната 300-350 солк. Бэркэ саарбахтыы көрдүм.

Быйылгы сайын сөрүүн, кураан буолан, оҕуруот аһыгар оччото суох диэн иһиллэр. Онон эбитэ дуу, эрдэ эбитэ дуу, үксэ кэлии отон, оҕуруот Бааһынай ырыынагар атыылана турар эбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
4
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago