«Олохтоох дьон эмиэ үлэлиибит»
Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ тутулла турар. Билигин 70% бэлэм буолла. Манна «ВИС хампаанньа бэдэрээттэһэр тэрилтэлэри үлэлэтэр. Олор истэригэр олохтоох тэрилтэлэр эмиэ бааллар. Владик Федоров оскуоланы бүтэрэн баран, штукатур-малярынан үлэҕэ киирэн, үлэлии сылдьар.
— «Заводы Поволжья» диэн бэдэрээттэһэр тэрилтэҕэ киирэн, алтынньыттан үлэлиибин. Үлэ-хамнас этэҥҥэ бара турар, күн аайы истиэнэни штукатуркалыыбыт, кырааскалыыбыт. Сарсыарда 8 чаастан симиэнэ саҕаланар, киэһэ 8 чааска диэри үлэлиибит. Күнүс аһаталлар. Дьиэм чугас турар, онон сылдьарга бэрт. Элбэххэ үөрэнним. Хамнастара үчүгэй. Бу киин тутуллан бүтүөр диэри үлэлиэхпит, — диэн Владик кэпсээтэ.
Эбийиэккэ барыта 217 киһи уонна 12 тиэхиньикэ үлэлиир. Үлэ-хамнас оргуйан олорор. Билигин дьиэ көҥдөйө бүтэн, биир өттө барыта өстүөкүлэнэн бүрүлүннэ, түннүктэрэ, үрдүгэр үс ураһа куупала турдулар, атриум үрдүгэр өстүөкүлэттэн «күөл» оҥордулар. Билигин ис эркиннэрин туталлар, муостатын оҥороллор. Филармония саалатыгар сыана тутуллан эрэр.
Олус баараҕай, сүҥкэн тутуу буолара харахха быраҕыллар. 33 тыһыынча кв.м. иэннээх сиргэ филармоническай, эрэпэтииссийэлиир, мультимедийнай, сиэр-туом оҥоһуллар саалалара уонна үрдүк технологиялаах тыйаатыр саалата баар буолуохтара. Дьиэ үрдүгэр амфитеатрдаах куораты көрөр уонна сынньанар былаһааккалар баар буолара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: