Олохтоох эт сыаната тоҕо үрдүгүй? (ВИДЕО)
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтин “Төгүрүк остуола”
Нэһилиэнньэни олохтоох эт сыаната наһаа ыараабыта долгутар. Ону хайдах хонтуруоллуур туһунан “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ министиэристибэлэри, оҥорон таһаарааччылары, хаһаайыстыбалары кытта сэтинньи 24 күнүгэр “Төгүрүк остуолу” тэрийэн ыытта.
Кытыннылар:
Васильев Евгений Дмитриевич – СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аска-үөлгэ уонна астыыр-үөллүүр бырамыысыланнаска отделын салайааччыта;
Матвеева Саргылаана Семеновна – СӨ Сыана бэлиитикэтигэр госкэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы;
Копылов Анатолий Анатольевич – “Сайсары” бааһынай ырыынагын управляющайа:
Гуляев Ньургун Феофанович – Нам улууһун “Эрэл” ТХПК бэрэссэдээтэлэ;
Герасимов Алексей Петрович – “Бэйэ аһа” бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбатын салайааччыта;
Максимов Иван Ильич – Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Хоту” ТХПК бэрэссэдээтэлэ (видеосибээс нөҥүө);
Кондратьев Алексей Алексеевич – Бүлүү улууһун “Сыа-Бүлүү” ТХПК бэрэссэдээтэлэ (видеосибээс нөҥүө);
Ыытааччы: Чокуур Николаевич Гаврильев, “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.
Эккэ субсидия
Чокуур Гаврильев: Бүгүн эт сыанатын хайдах хонтуруоллуохха сөбүй диэн чопчу боппуруоска тохтуохпут. Эт бородууксуйатын улахан аҥаара тастан тиэллэн кэлэрэ буолуо. Быйылгыттан эккэ субсидия көрүллэрин туһунан суруйбуппут. Төһө субсидия бэриллэрий?
Евгений Васильев: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быйылгыттан сылтан эти соҕотуопкалааһыҥҥа саҥа мэхэньиисими киллэрбитэ. Субвенция курдук муниципальнай улуустарга ыыппыппыт. Ону улуустар сөбүлэһии түһэрсэн, бэйэлэрэ соҕотуопкаһыттарга түҥэтэллэр. Ол курдук, 74 мөл. солк. (57 мөл. солк. – ынах этигэр, 17 мөл. солк. – сылгы) көрүллүбүтэ. Билиҥҥи туругунан 48 мөл. солк. (65 %) улуустарга хайыы-үйэ ыыттыбыт. Уопсайа 815 т ынах этин,
284 т сылгы этин соҕотуопкалыахтаахпыт. 617 т ынах этин, 57 т сылгы этин туттубут. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн этинэн хааччыйыыбыт 27 быр. тэҥнэһэр, атына барыта – кэлии эт.
Чокуур Гаврильев: Нам улууһун “Эрэл” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Ньургун Феофановичтан субсидияны ыллыҥ дуо диэн ыйытыахпын баҕарабын. Төһө сыанаҕа тутаҕын?
Ньургун Гуляев: Нам улууһугар 25 т ынах, 10 т сылгы этин тутуохтаахпыт. Сүөһүнү өлөрүү түмүктэнэ илик. Ынах этин 470 солк. туттум. Субсидия харчыта көрүллэн, бааһынай хаһаайыстыбалар, кэпэрэтииптэр 70 солк. дохуот курдук ыллылар. Ол аата көрүллүбүт субсидия харчытын 70 солк. ынах төбөтүгэр сыанаҕа уган биэрдибит. Бүддьүөт тэрилтэлэрин этинэн сыллааҕыларын хааччынныбыт, онон наадыйалларынан көрөн ылыахтара. Эти тутуу ороскуоттаах. Атыылыыр сыанаҕа уопсай ороскуот угуллар. Ол сыанаҕа эбиллэр. Буойунаны үлэлэттэхпинэ, 12 киһини собуойга үлэлэтэбин. Ынах этин атыыланар орто сыаната – 650 солкуобай. 2 фирменнэй киоскабытыгар атыылыыбыт. Астаан, эрбэтэн даҕаны. Барыта бастакы суортаах эт кэлбэт, мөлтөх эти полуфабрикаттары оҥорууга ыытабыт. Бэлимиэн эҥин оҥоробут. Быһата, ороскуот үрдээн, сыана эбилиннэҕэ дии.
Былырыын эккэ суоҕа. 400 солк. туппутум, 550-600 солк. атыылаабытым.
Иван Максимов: Мэҥэ Хаҥаласка уон нэһилиэккэ үлэлиибит, субсидия киирбитэ. 70 т былааммытын (50 т – ынах этэ, 20 т – сылгы этэ) толорорго үлэлэһэбит. Ынах этин былаанын толордубут. Сыанабытын субсидия ылан наһаа үрдэппэккэ, 20-тэн 30 бырыһыаҥҥа диэри эбэн олоробут. Ньургун Феофанович эппитин курдук, таарабыт, ороскуоппут эҥин улаатта. Сылгы этин 450 солк. атыылыыбыт (370 солк. туппуппут), ынах этэ – 630 солк., убаһа – 600 солк. атыыга турар. Субсидия көрүллүбүтэ итиннэ оонньуур.
Чокуур Гаврильев: Субсидия көрүллүбэтэҕэ буоллар, хаска атыылыаҥ этэй?
Иван Максимов: Бэйэбит эргитэр үппүтүттэн тутулуктаах. Субсидия көрүллэрэ переработкаһыттарга туһалаах. Барыһы онно ылыахтаахпыт уонна сыананы наһаа үрдэтиэ суохтаахпыт. Дьиҥэ, промсобуойу ыытыы барыстаах ээ. Тириитин, туйаҕын барытын туһаҕа таһаара олордохпут дии.
Маҕаһыыннар үрдэтэллэр
Иван Максимов: Туппут 70 т эппиттэн оройуоммар бүддьүөт тэрилтэлэрин (үөрэҕирии, доруобуйа харыстабыла) хааччыйабын. Аллараа Бэстээххэ, Төҥүлүгэ 2 фирменнэй маҕаһыыннаахпыт. Дьонтон тутар сыананы үрдэтиигэ субсидия туһалаата, быйыл былааммытын элбэттибит.
Алексей Кондратьев: Регламеҥҥа олоҕуран сүөһүнү буойунаҕа (убойнай пууҥҥа) өлөрүллүөхтээх диэн ирдэбил турар. Буойуна пуунугар сүөһүнү тыыннаахтыы тутан, 1-1,5 ый устата уотан баран, өлөрөбүт. Сүөһүнү уотууга туруорбут, өлөрбүт-астаабыт ороскуоппутун киллэрэбит. 30 т ынах, 6 т сылгы этин тутуохтаах этибит. Улууска быйыл от үүммэккэ, дьон сүөһүлэрин туттардылар. Онон 50-60 т буолан эрэр. 580-нуу солк. атыылыыбыт.
Чокуур Гаврильев: Маҕаһыыҥҥа туттарар инигит. Ити 580 солк. тутан баран, үрдэтэҕит дуо?
Алексей Кондратьев: Билигин 580 солк. атыылыы олоробут. Былырыын улууска эккэ диэн субсидия көрүллэн, бүддьүөт тэрилтэлэригэр – уһуйааннарга, оскуолалаларга 500 солк. бэрдэрбиттэрэ. Үс маҕаһыыннаахпын. Мин көрдөхпүнэ, эт бэйэҕэ турар сыаната үрдээн эрэр. Уматык, гаас үрдээн эрэринэн ороскуоппутун ааҕынабыт. Онон ахсынньы 1 күнүттэн эппит сыаната кыратык үрдүүрэ буолуо.
Чокуур Гаврильев: Видеоҕа “Сайсары” ырыынакка атыыланар сыананы көрдүбүт.
Дьон сыананы “Сайсары “ырыынак үрдэтэр дии саныыр. Ол хайдаҕый?
Анатолий Копылов: “Сайсары” ырыынак эт атыыласпат. Биһиги эти туппаппыт. Атыылыыр миэстэни арыандалыыбыт эрэ. Чааһынай атыыһыт сыанатын бэйэтэ быһар. Чааһынайдар, атын да көрүҥнээх хаһаайыстыбалар атыылыы аҕалаллар. Эт сыаната былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 10-20 % үрдээбит. Онно уот сыаната, арыанда, аҕалар ороскуоттара барыта киирэн турар буоллаҕа.
Миэстэ иһин ыйдааҕы төлөбүр оччо ыарахан дии санаабаппын. Бааһынай хаһаайыстыбаларыгар, ТХПК-га ыйдааҕы төлөбүр 12 тыһ. солк. саҕаланар. Тэрээһиннээх дьаарбаҥкаларга миэстэбит сыаната босхону үрдүнэн эрэ. Онно көрдөххө, тыаттан киирбит дьон атыылыыр сыаната чэпчэки буолааччы.
Чокуур Гаврильев: Алексей Петрович, эккитин хантан ылаҕыт?
Алексей Герасимов: “Тэрилтэм “Бэйэ аһа” бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбата диэн логотибынан тахсар, “чэгиэн аһылык” диэн туох даҕаны кырааската, араас тумата суох аһылык буолар. Рекламата суох атыылаан кэллибит. Мин рекламаҕа тоҕо наадыйбаппыный диир буоллахха, дьон бэйэтэ атыылаһан, амсайан, бородууксуйабытын биллин диэн. Оҥорон таһаарбыт аспыт-үөлбүт Дьокуускайга 260-ча маҕаһыыҥҥа атыыланар. 47-50 т кэриҥэ эт бородууктатын таһаарабыт.
Биһиги, ырыынак дьоно, атыылаһааччы баҕатынан, тугу ирдииринэн үлэлиибит. Бу сааҥсыйаларынан сибээстээн, эт сыаната эрэ буолбакка, барыта үрдээтэ. Дьон үчүгэйдик аһыахтаах. Ол эрээри астыырбытыгар туһанар биэрэспит үрдээтэ – 900 буолла (450 атыылаһар этибит), туус – 38 солк (12 этэ), ириис – 90 (30 этэ), бурдук 38 (27 этэ) буолла. Алта ый устата бородуукта бэйэҕэ турар сыаната үрдээтэ. Олохтоох бородууктанан 27 быр. хааччыйабыт диэтигит. Саха дьоно бэйэтин идэһэтин этин сиир. Өссө араас омуктар бааллар ээ. 1 мөл. киһиттэн 500 тыһыынчата араас аһы аһыан баҕарар буоллаҕа. Исписэлиис буоларбынан, үчүгэй эт кэмбинээттээх эҥин сирдэри билистим. Онон Алтаайга, Казахстаҥҥа тиийэн, сыаналарын, хаачыстыбаларын үөрэттим. Билигин кинилэртэн сөптөөх сыананан ыла олоробут. Олохтоох эттээҕэр үчүгэйи атыылаһабыт диэн тастан атыылаһабыт.
Чокуур Гаврильев: Оччоҕуна биһиги сыанабыт үрдүгэ бэрт диэн өрөспүүбүлүкэ таһыттан ылар буоллаҕыҥ.
Алексей Герасимов: Оннук да диэххэ сөп.
Эт сыаната хонтуруолламмат
Чокуур Гаврильев: Дьэ, судаарыстыба хайдах хонтуруоллууруй? Сорох улуустар социальнай эбилик диэни киллэрэн олороллор эбит.
Саргылаана Матвеева: Оҥорон таһаарааччылар сыаналарын судаарыстыба хааччахтаабат. Ырыынак сыһыаннаһыытыгар 1992 с. киириэхпититтэн ыла сыана дойду үрдүнэн хонтуруолламмат. Уһук Хоту дойду эрэгийиэнигэр бырабыыталыстыба биэрэн социальнай суолталаах табаардарга эбиликтэри (надбавка) олохтуубут. Бу эбилик атыы-эргиэн эрэ тэрилтэлэригэр туһаныллар, оҥорон таһаарааччыларга буолбатах. Атыыһыт оҥорон таһаарааччыттан атыылаһан баран 15 быр. үрдэтиэ суохтаах. Холобура, ити Бүлүүгэ. Былырыыҥҥа диэри социальнай эбилиги улуустар дьаһалталара олохтууллара. Быйыл ол боломуочуйалары бэйэбит төттөрү ылан, бирикээс оҥорбуппут. Испииһэк уларыйа илик, ол эрээри улуустарынан араас-араас. Ол үлэни сааскыттан ыла саҕалаабыппыт. Кимиэхэ – 10, кимиэхэ – 27 бородуукта киирэ сылдьар. Улуус дьаһалталарын, атыыһыттары кытта саҥа кэрискэни оҥордубут, 2 бөлөҕүнэн араардыбыт. 17 кэрискэҕэ ыарахан суоллаахтар-иистээхтэр кииристилэр. Онно эт сыаната киирбэтэ, эт кэнсиэрбэтин эрэ киллэрдибит.
Чокуур Гаврильев: Со-циальнай суолталаахха киллэриини ким быһаарарый?
Саргылаана Матвеева: Бэйэбит быһаарабыт. Этиитэ киллэриҥ диэбиппит. Биир да этии киирбэтэҕэ. Арай биэнсийэлээхтэр эти киллэриҥ диэбиттэрин, урбаанньыттар ылымматахтара.
Чокуур Гаврильев: Сыана олохтуургутугар тэрилтэлэри кытта сөбүлэһэҕит дуо? Эккэ төһө эбилиги үрдэтэн олороллорун көрөҕүт дуо?
Саргылаана Матвеева: Сааҥсыйалар биллэриллибиттэрин кэннэ 527 эргиэн эбийиэгин тарыып агеннара нэдиэлэ аайы кэрийэллэрэ, билигин – ыйга биирдэ. Ол чахчыларга олоҕурдахха, сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, ынах этэ ортотунан 574 солк. (кэлии эмиэ) буолла.
Чокуур Гаврильев: Эһиилгиттэн эт сыаната өрө барыыһы дии.
Саргылаана Матвеева: Күрэстэһиини сайыннарыахха. Ырыынак сайдыаҕа – сыана түһүөҕэ. Биһиги тиэйэн аҕалааччы ороскуотун барытын көрөбүт. Логистикалара араас (навигация, авиация, массыынанан), ону учуоттуубут. Итини учуоттаан 100 да бырыһыан диэхпитин сөп. Килиэп, бурдук, саахар, чэй, кэнсиэрбэ, куруппа, оҕо аһылыга, луук, дьаабылыка, (эт, балык киирбэт)…
Чокуур Гаврильев: Эккэ эбилиги (надбавка) киллэрэр наада дуо?
Саргылаана Матвеева: 25 эрэгийиэн бу быраабынан туттар кыахтаах. Олортон 17 эрэгийиэҥҥэ эргиэн эбилигэ баар. Кинилэр эмиэ араастаан быһаллар.
Чокуур Гаврильев: Биһиги курдук усулуобуйалаах эрэгийиэннэр эти социальнай суолталаах испииһэккэ киллэрбиттэр дуо?
Саргылаана Матвеева: Суох.
Этиилэр
Анатолий Копылов: Мин санаабар, Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ сыанаҕа ырытар анаалыс оҥоруо этэ.
Ньургун Гуляев: Оҥорон таһаарааччы ырыынагы көрөн олорор. 600-тэн тахсаҕа атыылыы олордоҕуна, 500 солк. атыылаа диэтэхтэринэ, эт тутуллуо суоҕа. Оччоҕуна бүддьүөт тэрилтэлэрин хааччыйар үчүгэй эт суох буолуоҕа, оҕолорбут кэлии этинэн аһыахтара. “Промсобуой” диэн олох тохтуоҕа. Наһаа күүстээх хааччахтааһын олохтонноҕуна, үлэлии олорор тэрилтэлэргэ ыарахан буолуоҕа. 470 солк. тутабын. Кэтэх хаһаайыстыбалар бааллар, олор батарыыга кыһалҕалары көрсүбэттэр. Кинилэр киэнэ промсобуойа суох атыыланар. Биһиги дьоҥҥо өҥө оҥорон, өлөрөн-астаан биэрэбит. Ону кинилэр ханнык баҕарар ырыынакка, остолобуойдарга атыылыыр кыахтаахтар.
Иван Максимов: Судаарыстыбаннай кэмитиэт надбавкаларын хонтуруоллуон наада. Алын Бэстээххэ кууһунан атыылыыр баазаларга, саппаас чаас да буоллун, сыана 2-3 төгүл ыараата. Биһиги сыанабытын көрөн быһыахтарын наада. Холобура, хаачыстыбатынан уонна “Меркурийынан” бэрэбиэркэлэммит эти атыылыыбыт. Муҥутаан 30 эрэ быр. ыаратан олоробут. Биһиги бэйэ этинэн 27 быр. хааччыйабыт диэн кыра бырыһыан. Оттон дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар ылсан-бэрсэн олоруулара 40 быр. тахса буолара буолуо. Өҥөнү эмиэ оҥоробут. Ньургун Феофанович сөпкө этэр. Соҕотуопкалааччы балаһыанньата тупсуохтаах. Быйыл төбөҕө 35 тыһ. солк биэрэннэр, үгүс дьон үүт туттарбата. Сылгыга биэҕэ 5000 солк. буолла диэтилэр (урут 3000 солк.). Кыаҕырбыт дьон соҕотуопкалааччыларга туттара сатаабат. Судаарыстыбаттан харчы ылар буоллулар да, хайаан да соҕотуопкалааччыларга эти, үүтү туттаралларын ирдиэххэ. Кэмитиэт хайаан да хонтуруоллуохтаах. ИП-лар байар кэмнэрэ кэллэ, биһиги оҕустара олоробут. Биһигини судаарыстыба торумнуохтаах, кээмэйбит улаатыахтаах. Биһиги тирэхтээх буоллахпытына – ити күрэстэһии тэҥнэһиэҕэ.
Алексей Кондратьев: Буойуналаах тэрилтэлэр сыанабыт ороскуоппутуттан тутулуктаах. Ороскуоту аччатыыга диэн субсидия бэриллэр буоллаҕа. Сыананы түһэрэр туһугар субсидия улаатыан наада. Холобура, хаачыстыбалаах уонна, бэтэринээринэн, “Меркурийынан” бэрэбиэркэлэммит эти биһиги атыылыыбыт.
Алексей Герасимов: Пиэрмэрдэр, кэпэрэтииптэр, кэтэхтэр даҕаны сорукпут – дьону аһатыы. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үлэлии сатыыр. Соҕотуопкаһыттары, эт бородууктатын оҥорон таһарааччылары бырайыак быһыытынан киллэрэн тураллар. Тыа сириттэн баччаны атыылас уонна соҕотуопкаһыт буоларгынан бырабыыталыстыбаттан 15 быр. төлүүбүт дииллэрэ буоллар, толоруом этэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, бырабыыталыстыба өттүттэн көмөтө суох үлэлээтибит. Киһиргээн эппэппин, биһиги 12000 киһини аһаттыбыт диэн аахтыбыт. Бырабыыталыстыба өттүттэн соҕотуопкаһыттарга көмө баара буоллар. Биһиэхэ ИП-лар, кэпэрэтииптэр диэн хайдыһыы бара турар. Сотору астаан-үөллээн таһаарыыны өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлээччилэр ылар кыахтаахтар. Сахалар оҥорон таһаарбыт бородуукталара, дьиҥэ, бэйэбит майгыбыт-сигилибит курдук, ыраас, хаачыстыбалаах буоллаҕа.
Эккэ эһиилги сыана хайдах буолуой?
Евгений Васильев: Бу мэхэньиисим быйыл киирбитэ. Уматык, уот үрдээтэ. Субсидия ыстаапката үрдүөн наада. Соҕотуопкаһыт дьонтон улахан сыанаҕа тутуо этэ буоллаҕа. ТХМ бирикээһинэн нэһилиэнньэ туттарыытын көҕүлээри 400 солк. алын сыанаҕа тутуо суохтаах диэн быһаарбыта. Ити мэхэньиисиммитигэр көмө буолуо этэ.
Саргылаана Матвеева: Иван Ильич сыана 2-3 төгүл үрдээтэ диэн этэриҥ сыыһа дии саныыбын. Уһук Илиҥҥэ – 12,8 быр., Арассыыйаҕа – 14,3 быр.тэҥнэһэр. Саха сиригэр кыратык үрдээтэ, атыттарга өссө үрдээтэ диэхпин баҕарабын. Онон сыана ортотунан 13 быр. үрдээтэ. Биһиги табаарбытын эрдэттэн тиэйэр буоллахпыт дии, ол иһин ама. Хотуларга “Якутоптторг” курдук оператордаахпыт.
Чокуур Гаврильев: Субсидия үрдүүрэ буоллар. Сыана, баҕар, күрэстэһэн, түһүө суоҕа дуо?
Ньургун Гуляев: Субсидия эбилиннэҕинэ сыана түһэр, хонтуруолланар. Евгений Дмитриевич этэрин курдук, 400-тэн кырата суох тутуохтаахпыт. Барыта хонтуруолланарын курдук.
Евгений Васильев: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр баччаҕа атыылааҥ диэн боломуочуйа бэриллибэт. Бэйэҕэ турар сыанатын көрөн атыылыыллар буоллаҕа.
Алексей Герасимов: Былыр-былыргыттан баччаҕа диэри саха киһитэ эт сиэҕэ, сии да туруоҕа. Эт бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга субсидия курдук көрүллэрэ буоллар, сыана хонтуруолланыа этэ. Бырабыыталыстыба өйдүөн наада.
Чокуур Гаврильев: Үчүгэй кэпсэтии таҕыста. Сүрүнэ диэн, ааҕааччыбыт сыана тоҕо үрдүүрүн өйдүөхтээх. Эт сыанатыгар 15 быр. надбавка туһунан тустаах кэмитиэт уонна Урбаан министиэристибэтэ тугу эрэ тобулуохтаахтар дии саныыбын. “Төгүрүк остуолбутугар” кыттыбыккытыгар махтанабыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эккэ сыһыаннаах туох эрэ ньымса мэхэньиисими ылынара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: