«Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска»: АЛРОСА уопута
Саха сирин олохтоохторун үлэҕэ ылыы – АЛРОСА дьоһун суолталаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ. 2018 сылтан аҥаардас «Олохтоох каадырдары – бырамыы-сыланнаска» бырагырааманан алмааһы хостуур хампаанньаҕа хайыы үйэ 10 тыһыынчаттан тахса олохтоох киһи үлэҕэ киирдэ.
«Якутия» хаһыат кэрэспэдьиэнэ АЛРОСА-ҕа үлэлиир хас да олохтоох киһини кытары кэпсэтэн, хампаанньаҕа үлэлээн дуоһунаска тиксии хайдаҕын, үлэҕэ-хамнаска ханнык билии уонна хаачыстыба ирдэнэрин интэриэһиргээтэ.
«Үлэҕин сөбүлүүр буолуохтааххын»
Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларын бүтэрбиттэри хампаанньаҕа сыаналыылларын туһунан «Интернациональнай» рудник хайа үлэлэригэр кылаабынай инженерин солбуйааччы Василий Васильев этэр. Кини стратегическай былааҥҥа уонна хайа үлэтин былаанын толорууга эппиэттиир.
Василий Васильев этэринэн, үөрэҕи бүтэрбиттэртэн аҕыйаҕа суох киһи салайар дуоһунаска үлэлиир. Кини: «Хампаанньаҕа” дьупулуому эрэ буолбакка, киһи билиитин уонна идэҕэ хаачыстыбаларын, үүнэргэ-сайдарга дьулуһуутун, үлэ судургута суох усулуобуйатыгар үлэлииргэ бэлэмин көрөллөр», – диир.
Василий хампаанньаҕа үлэтин хайа-байытар кэмбинээт электровоһун машиниһын үөрэнээччититтэн саҕалаабыта, салгыы хайа маастарынан, учаастак начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлээбитэ. Дуоһунаска тута өрө тахсыбатаҕа, Василий өр сылларга шахтаҕа үлэлээбитэ.
– Өскөтүн үлэһит бастыҥтан бастыҥ буолуон баҕарар буоллаҕына, үлэтигэр толору бэриниилээх буолуохтаах. Биллэн турар, сыалы-соругу ситиһэргэ үлэтин сөбүлүүр буолуохтаах. Биир идэлээхтэрин уонна салалта итэҕэлэ олус суолталаах. Ол тута буолбакка, кэм кэрдии ааһыыта – уопуту, ситиһиини кытта кэлэр.
Василий эдэр исписэлиистэр ыарахантан куттамматтарыгар сүбэлиир.
«Бэйэҕэ эбии ноҕуруусканы уонна эппиэтинэһи ылартан куттанымыахха наада. Куруук хамнаһы эрэ көрбөккө, үлэҕэ үүнэр кэскили эмиэ учуоттуохха наада», – дии саныыр Василий Васильев.
Хампаанньа
үүнэр-сайдар кыаҕы биэрэр
АЛРОСА управлениетын аппаратын ТОиР (тиэхиньиичэскэй хааччыйыы уонна өрөмүөн) блогун трансформациятын управлениетын сүрүн исписэлииһэ Юрий Михайлов Бүлүүгэ төрөөбүтэ. 2005 сылтан Мииринэйгэ олорор. 2010 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Уотунан хааччыйыы идэтин «Хайа инженерэ» квалификациялаах бүтэрбитэ. Онтон 2019 сыллаахха Волгоградтааҕы гуманитарнай академияҕа «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы» бырагырааманан социальнай эйгэ исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ үөрэнэн диплом ылбыта.
Юра оҕо сылдьан, биир саастыылаахтарын курдук, космонавт буолуон баҕарара. Устудьуоннуур сылларыгар, «Мир» рудникка быраактыка кэнниттэн 2009 сыллаахха хайа инженерин идэтин баһылыырга быһаарыммыта. Кини үлэҕэ өрө тахсыыта 2010 сылтан «Интернациональнай» рудниктан саҕаламмыта. Электрослесарь үөрэнээччититтэн саҕалаан, электрослесарынан, симиэнэ электромеханигынан, ствол электромеханигынан, учаастак начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлээбитэ, учаастак начаалынньыгын уонна рудник кылаабынай мэхээнньигин эбээһинэһин толорооччунан үлэлээбитэ. Ити сылларга элбэх тиэхиньикэҕэ уонна тэрилгэ: хайа-дьөлө хаһар массыынаҕа, бэйэтэ хаамар тэрилгэ, араас тииптээх конвейердарга, көтөҕөр массыыналарга уонна дьону таһаарарга, хайа маассатын биэрэргэ үлэлээбитэ.
«АЛРОСА-ҕа үлэлиир кэммэр ордук чаҕылхай өйдөбүлүнэн аан бастаан сир анныгар түһүү уонна үөһэ тахсыы буолбута. Мин үлэбэр тутуһар тускулум: ыарахаттар бааллара, бааллар, баар да буолуохтара, биһиги ону кыайыахтаахпыт», – диэн Юрий Михайлов кэпсиир.
Юрий Михайлов – 2022 сыл алтынньытыттан ТОиР блок трансформацияҕа управлениетын сүрүн исписэлииһэ. Кини этэринэн, өрөмүөн үлэтэ – оҥорон таһаарар үлэҕэ биир сүрүн хайысха. Кини хамаандатын эбээһинэһигэр өрөмүөн сулууспатын үлэлэтии уонна ороскуоту аҕыйатыы киирэр.
Юрий хампаанньаҕа олохтоох каадырдарга мэлдьи үөрэллэрин туһунан этэр:
«Кэнники бириэмэҕэ хайа бырамыысыланнаһыгар Саха сирин олохтоохторо элбээбиттэрин бэлиэтии көрөбүн, кинилэр бары хайысхаҕа сыстан үүнэллэр-сайдаллар. Элбэх киһи билинэр идэтийбит үлэһитинэн буолаллар. Ити киһини үөрдэр эрэ, тоҕо диэтэххэ, кинилэр хампаанньа уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопсай сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрэллэр».
Олохтоох каадырдарга наадыйыы элбиир
Николай Обулахов Ньурба улууһугар төрөөбүтэ, улааппыта уонна оскуоланы бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Мииринэйдээҕи политехническай институкка (ХИФУ салаата) «Хайа массыыналара уонна тэриллэр» идэни бүтэрбитэ. 2011 сылтан Мииринэй-Ньурба хайа-байытар кэмбинээккэ үлэлиир.
Үлэҕэ үүнүүнү суол-тутуу массыыналарын уонна тыраахтардарын өрөмүөннүүр силиэсэртэн саҕалаабыта. Сыл аҥаарынан кинини тиэхиньиичэскэй хааччыйыыга уонна өрөмүөҥҥэ маастарынан анаабыттара. Николай билигин ыстаарсай маастарынан (былааннааччынан) үлэлиир. Сиэрбиһинэн хааччыйыы киинигэр бүтүн кэмбинээт хайа-тырааныспар тиэхиньикэтин, кыра массыыналартан саҕалаан, улахан экскаватордарга, самосвалларга, анал тиэхиньикэҕэ тиийэ, өрөмүөннээһининэн уонна хааччыйыынан дьарыктаналлар. Баахта ньыматынан, 28 күн устата үлэлиир. Тайҕаҕа бөртөлүөтүнэн уонна сөмөлүөтүнэн көтөн тиийэллэр. Баахтаҕа аан бастаан кэлиитэ кини олоҕун чаҕылхай өйдөбүлүнэн буоларын уонна хайа-байытар кэмбинээккэ олохтоох каадырдар элбээтэр элбээн иһэллэрин туһунан этэр. Үлэ кээмэйэ улаатарынан, штат эмиэ кэҥиир.
Николай хампаанньаҕа саҥа үлэһиттэри үөрэтэр бырагыраама олоххо киллэриллэрин, уопуттаахтар саҥа кэлбиттэри кынаттарын анныгар ылалларын уонна аҕа саастаах табаарыс быһыытынан саҥа миэстэҕэ сыстарыгар үөрэтэллэрин туһунан кэпсээтэ.
Николай – устудьуоннар быраактыкаларын салайааччы. Бырактыкааннарга үчүгэйдик үөрэнэллэригэр уонна тэҥинэн оробуочай идэлэри баһылыылларыгар баҕарар.
«Төһө кыалларынан үөрэхкуурус кэмбинээттэригэр тэҥинэн үөрэниэххэ уонна эбии ханнык эмэ оробуочай идэни баһылыахха наада. Үлэҕэ үөрүйэҕэ сылдьан, инженер идэтин ылар ыарахан. Холобур, силиэсэр, электрогазосварщик, токарь, стропальщик курдук эбии оробуочай идэлээх буоллаххына, үлэҕэ ылылларгар төһүү күүс буолар», – диэн Николай Обулахов сүбэлиир.
Кини этэринэн, базовай билиигиттэн уонна үлэҕин таптыыргыттан ураты, истириэһи тулуйары, уларыйыыларга түргэнник эппиэттэһэри сатыыр буолуохтааххын. Холобур, билигин хампаанньа бары подразделениеларыгар үлэ хаамыытын аптамаакка уонна сыыппараҕа көһөрүү барар. Николай бэлиэтээн этэринэн, итинник усулуобуйаҕа наадалаах үөрүйэҕи уонна хаачыстыбалары баһылаабыт үлэһиттэр дуоһунаска өрө тахсалларыгар эбии кыах бэриллэр.
Дмитрий ОСИПОВ суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: