Салгыы
“Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска” бырайыак быйыл 8,4 тыһыынча киһини үлэнэн хааччыйда

“Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска” бырайыак быйыл 8,4 тыһыынча киһини үлэнэн хааччыйда

25.10.2023, 16:30
Хаартыска: ww.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр “Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска” бырайыак иитинэн тоҕус ый иһигэр 8,4 тыһ. киһи үлэнэн хааччылынна. Сиртэн хостонор уонна оҥорон таһаарар индустрия тэрилтэлэригэр үлэ булбут дьон кыра аҥаара – эдэрдэр.

Билигин бөдөҥ хаампаанньалар олус элбэх олохтоох үлэһиккэ наадыйаллар, тыһыынчанан вакансия баар”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) Анал этиитигэр бэлиэтээн турар.

Быйылгы сылга үлэлээх буолуу сулууспалара бырайыак иитинэн 8415 киһини үлэнэн хааччыйдылар, ол иһигэр 4951 киһи – 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон, 3051 киһи – баахтаҕа уонна быстах кэмнээх (сезоннай) үлэҕэ. Үлэ биэрээччилэр ортолоругар ордук элбэх киһини “АЛРОСА” АХ, “Нерюнгри-Металлик” ХЭУо, “Таборнай рудник” ХЭУо, “Анаабыр алмаастара” АУо, “Колмар УХ” ХЭУо, “Арктик Капитал” ХЭУо, “ЛОРП” ПАО, “Сахатранснефтегаз” АУо, “Якутуголь” ХК АУо, “Эльгауголь” ХЭУо, “Якутскэнерго” ПАО үлэҕэ ылаллар.

Саха сиригэр “Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска” бырайыак иитинэн 2017-2022 сс. өрөспүүбүлүкэ 49 тыһ. олохтооҕо үлэҕэ киирбит, итинтэн 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон ахсаана — 23,9 тыһ., баахтанан үлэҕэ – 14,3 тыһ. киһи.

Саха сиригэр бу сыл бэс ыйыттан атырдьах ыйдарыгар диэри уопсай дьарыктаах дьон ахсаана 518,2 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ, сыл саҕаланыаҕыттан 17 тыһ. киһинэн эбиллибитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Экэниэмикэҕэ дьарыктаах ахсаана 20 тыһ. киһинэн эбилиннэ итиэннэ 490 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: