Олохтоох көҕүлээһиҥҥэ 300-чэ бырайыак олоххо киириэҕэ

Share

2023 сылга улуустарга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан 25 улууска 300 кэриҥэ бырайыагы олоххо киллэриэхтээхтэр.

Бу толору хааччыллыыга, тупсарыыга, суолу оҥорууга, спорка, оҕо былаһааккаларыгар, гааһынан, уунан, ититиинэн хааччыйыыга, култуураҕа, баһаартан сэрэхтээх буолууга, үөрэҕириигэ, о.д.а. сыһыаннаах бырайыактар.

Бырагыраама көмөтүнэн олохтоохтор бэйэлэрэ саамай наадалаах бырайыактары талаллар – суолу өрөмүөннээһини, споративнай, оҕо былаһааккаларын тутууну, пааматынньыктары, эбийиэктэри чөлүгэр түһэриини, о.д.а. – диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Бырайыактар уопсай суумалара — 805,6 мөлүйүөн солкуобай, эбии үбүлээһин суумата — 244,1 мөлүйүөн солкуобай. Куонкуруска барыта 367 муниципальнай тэриллииттэн 483 сайаапка киирбитэ. Кыайыылаахтары биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа быһаарар.

Холобур, Чурапчы улууһун Толоонугар спортивнай былаһаакканы, Сунтаар Кириэстээҕэр сайыҥҥы уу турбатын тутуохтара, Бүлүү Өкүндүтүгэр мусуойу өрөмүөннээһин, Абый Белая Гора сэлиэнньэтигэр уулуссаны сырдатыы ыытыллыаҕа.

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама Саха сиригэр 2017 сылтан үлэлиир. Бу кэм устата 1500-тэн тахса бырайыак олоххо киирдэ.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн сылдьар байыастары эбии хааччыйыыга саҥа номенклатура бигэргэннэ

Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…

26 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

ХИФУга мэдиссиинэ идэтигэр туттарсыыга саҥаны киллэрии туһунан быһаардылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…

1 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Аиза Решетникова аатын иҥэрдилэр

Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…

4 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэри тупсарыахтара

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэни кытта холбоммут быһа сибээс кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ улахан болҕомтону…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр «Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ Сергей Фурсенко үлэлээтэ

«Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ, «Үрдүкү технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» аһымал пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Фурсенко Саха сиригэр оробуочай…

57 минут ago