Олохтоох маршруттарга 1,2 млрд солк. көрүллүөҕэ
Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ.
Маннык сорудаҕы Саха сирин баһылыга Айсен Николаев авиатэрилтэлэр ааспыт сыллааҕы үлэлэрин түмүктүүр уонна үүммүт сылы былаанныыр мунньаҕар сорудахтаата. Чуолаан, оройуоннар икки ардыларынааҕы, 14 арктическай оройуоннарга бүддьүөттэн 495,3 мөл.солкуобай, социальнай суолталаах маршруттарынан 588,9 мөл.солкуобай көрүллүбүт.
«Дьону таһыыга субсидиялааһын боппуруоһун суһаллык быһаарыахха наада. Бу туһунан Ил Түмэҥҥэ туһаайан анал этиибэр эппитим, бүддьүөт балаһыанньата уустугун да иһин тырааныспарынан Саха сирин олохтоохторун хааччыйыы инники күөҥҥэ буолуохтаах«, — диэн Айсен Николаев мунньах кыттыылаахтарыгар туһаайан эттэ
Дьокуускай пуордун уонна «Якутия», «Полярные авиалинии» хампаанньалар үп-харчы уонна хаһаайыстыбаннай үлэлэрин туругун тула кэпсэтии кэннэ, Ил Дархан бу тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдыытыгар суолталаахтарын бэлиэтээтэ.
Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи маршрутунан айаҥҥа ааспыт сылга 1,029 млрд.солкуобай көрүллүбүт. Ол иһигэр оройуоннар истэригэр көтүүгэ 404 мөл.солкуобай, оройуоннар икки ардыларынааҕы көтүүгэ, чуолаан 14 арктическай оройуоннар икки ардыларыгар айаҥҥа 625 мөл.солкуобай көрүллүбүт. Нэһилиэнньэ сөмөлүөтүнэн айаннааһыҥҥа наадыйыыта үрдүгүн учуоттаан, ааспыт сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри социальнай суолталаах маршруттарынан айаҥҥа көрүллүбүт субсидия барыта туһаныллыбыт. Онон ааспыт сылга оройуон иһинэн чэпчэтиилээх көтүү өҥөтүнэн 20,9 тыһыынча пассажир өрөспүүбүлүкэ 23 оройуонугар туһаммыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: