Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар СӨ Конституционнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев өрөспүүбүлүкэ конституционнай сокуоннарын билиҥҥи туругун уонна сайыннарыы туһунан дакылааты оҥордо.
Дакылаакка, бастатан туран, гражданин быһыытынан бэйэни билинии итиэннэ гражданины иитэн таһаарыы боппуруостарыгар конституционнай быраап төрүттэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай былаас уорганнарын үлэлэрин быраап өттүнэн тупсарыы уонна бу сокуоннарга уонна бырааптарга аһаҕас былаас биир кэлим тиһигин тускулун олоххо киллэрии РФ уонна СӨ конституционнай сокуоннарын сайыннарыы сүрүн хайысхаларынан буолаллара бэлиэтэннэ.
Салгыы Арассыыйа Аартыкатааҕы зонатыгар уопсастыбаннай сыһыаннары быраап өттүнэн сүрүннээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ кыттыытын боппуруоһугар тохтоон, бу хайысхаҕа туох үлэ бара турарын сырдатта. Онуоха бу зонаҕа конституционнай-быраап институтун тэрийии туруга уонна инники кэскилэ, Аартыканы сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ баар сокуоннар, хотугу тиэйии туһунан сокуон экономикаҕа куттал суох буолуутун эйгэтигэр судаарыстыба бэлиитикэтин олоххо киллэрии быраап өттүнэн мэхэньиисимин туруга уонна сайдыыта, бу зонаҕа конституционнай-быраап институтун тэрийии туруга уонна инники кэскилэ ырытылыннылар.
Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэҕэ Педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн, бу сылы ыытыы конституционнай-быраап өттүнэн тирэхтээһин чэрчитинэн үөрэх сокуоннарын эйгэтигэр быраап сүрүн хайысхаларынан өссө тупсаран, чочуйан биэрии үлэтэ барыахтаах.
Маны сэргэ Петр Гоголев дакылаатыгар салгыы дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну, оҕо сааһы көмүскээһин эйгэтигэр сыһыаннары сокуон өттүнэн сүрүннээһини тупсарыы научнай-практическай төрүттэригэр тохтоото. Кини оҕоҕо уонна ыччакка дойдуга бэриниилээх буолуу, таптал тыынын иҥэриигэ туһуламмыт тэрээһиннэр кэлим Былааннара 2022 сыллаахха ылыллан үлэлии туралларын, Саха сирин олохтоохторугар дойдуга бэриниилээх буолуу тыынын иҥэриигэ Сүрүннүүр сэбиэт ааспыт сыл сэтинньи ыйыттан үлэлиирин кэпсээтэ. Дакылааччыт бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла тэриллэн ыытылларынан сибээстээн үлэ эйгэтигэр баар сокуоннары, бырааптары тупсарар үлэ күүһүрэр. Үөһэ бэлиэтэммит бары хайысхаларынан олохтоох дьон, нэһилиэнньэ бырааптара хайдах да күөмчүлэниэ суохтаахтар, төттөрүтүн көмүскүүр өттү күүһүрдүллэ туруохтаах. Ити өттүгэр тахсар араас кэһиилэри эбэтэр сокуону тутуһууну СӨ Конституционнай сэбиэтэ күүстээх хонтуруолга тутан үлэлиир аналлаах.
Дьокутааттар дакылаат ис хоһоонун болҕойон иһиттилэр. Ол кэннэ тыл этэн кыттыбыттартан Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева СӨ Конституционнай сэбиэтэ биһиги эрэгийиэммитигэр сокуон, быраап төһө тутуһулларын, кэһиллэрин-кэһиллибэтин көдьүүстээхтик хонтуруоллуохтааҕар тохтоон, санаатын эттэ. Вице-спикер дакылаакка СӨ Конституционнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин 9 сүбэһиттэрэ уонна 2 солбуйааччыта төһө көдьүүстээх хонтуруоллуур үлэлэри ыыппыттара көстүбэтэҕин ыйда. Манна даҕатан, Антонина Григорьева атын эрэгийиэннэргэ, холобура, Башкортостаҥҥа Конституционнай сэбиэт үлэтигэр сылга 18,5 мөл. солкуобай ыытылларын, оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүттэн СӨ Конституционнай сэбиэтин үлэтигэр сылга 38 мөл. солкуобай көрүллэрин бэлиэтээтэ. Ол быһыытынан нэһилиэнньэ, дьон бырааптарын эйгэтигэр инникитин хонтуруоллуур үлэ өссө күүскэ уонна чахчы көдьүүстээхтик барарыгар баҕарарын биллэрдэ.
Дьокутааттар, вице-спикер Виктор Губарев уонна Михаил Эверстов дакылаат сүнньүнэн майгыннаһар этиилэри оҥордулар. Ол курдук, кинилэр сир баайын хостуур улахан тэрилтэлэр нэһилиэнньэ интэриэһин аахсыахтаахтарын, бу өттүгэр федеральнай сокуоннарга Ил Түмэн кимиилээхтик киирсэн, күүскэ туруорсан, дьон туһугар улахан көмөлөөх сокуоннары ылыныыны көҕүлүөхтээҕин бэлиэтээтилэр. Михаил Эверстов дакылаат сүнньүнэн Ил Түмэн быһаарыытын өйүүрүн биллэрэн туран, парламеҥҥа КПРФ фракциятын көрүүтүн тиэрдибит Виктор Губарев санаатыгар кыттыһан, сир аннын баайын туһунан сокуоннары бэрээдэктииргэ, бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ олохтоох нэһилиэнньэ диэки хайыһалларын хааччыйыыны сокуоннайдык туруорсар уолдьаспытын санатта. Итини этэригэр кини сорох федеральнай сокуоннар киһи өйүгэр баппат араастаһыылааҕар тохтоото. Дьокутаат бу этиитигэр АЛРОСА компания өрөспүүбүлүкэни аһатан-таҥыннаран олорор кыахтаах компания эрээри, кини бүтүн Бүлүү өрүһү сүһүрдэн, тыһыынчанан балыгы өлөрбүтэ суукка күн бүгүҥҥэ диэри соһулла сылдьарын, оттон Уус Алдан улууһун балыксыта аҕыйах балык иһин отуттан тахса мөлүйүөҥҥэ тиийэ ыстарааптаммытын холобурдаата. «Ханнык баҕарар сокуон сиэрдээхтик толкуйданан оҥоһуллубатах буоллаҕына – бу маннык сокуон дьон туһугар буолбатах«,- диэн туран, Михаил Эверстов итинник сиэри таһынан сокуоннар олохтоох дьоҥҥо охсуулаахтарын быһыытынан, федеральнай сокуоннарга өрөспүүбүлүкэ дьокутааттарын өттүттэн киһилии, нэһилиэнньэҕэ көмөлөөх сокуоннары оҥорууга этиилэри киллэрии үлэтин күүһүрдэр өттүн бэлиэтээтэ.
Пленарнай мунньах үлэтин салгыыр.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…