Олохтоох омук тыыннаах ситимин быспатарбыт ханнык…

Share

Бүгүн – Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ. Бу күн 1994 сыллаахха Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин Генеральнай Ассамблеята Төрүт олохтоох омуктар уон сылларын биллэрбитэ уонна атырдьах ыйын 9 күнүгэр  бэлиэтииргэ уураахтаабыта. Бу кэмтэн ыла норуоттар өбүгэлэриттэн бэриллибит дириҥ билиилэрин, култуураларын, тылларын-өстөрүн, үгэстэрин харыстыырга ураты болҕомто ууруллар.

Биллэн турар, Сахабыт сирин Хоту сирэ уонна Аркти­ката дойдуга стратегичес­кай суолта­лаах, сайдарга саҥа кыахтары биэрэр. Манна алта төрүт олохтоох омук олорор — сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, долганнар уонна дьүкээгирдэр. Ол сиэринэн төрүт норуоттар бырааптарын көмүскүүргэ, олохторун-дьаһахтарын бары өттүнэн сүрүннүүргэ Дьокуускайга атыр­дьах ыйын 4-10 күннэригэр «Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттара. Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» диэн үөрэх бырагырааматын иккис түһүмэҕэ ыытыллар.

Хаартыска: Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата

«Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» — төрүт олох­тоох аҕыйах ахсаан­наах норуот­тар өйөбүллэригэр туһуланар киэҥ далааһын­наах бырайыак. Бырайыак чэрчитинэн норуоттар социальнай хайысхалаах дьоҕурдарын сайыннарарга, бырайыактыыр үлэ уопутун баһылыыр­га аныгы кэм бас-көс платформатынан буолан сирдиир. Оттон сүрүн сыалынан аҕыйах ахсаан­наах норуоттар интэриэс­тэригэр саҥа көлүөнэ былааһы уонна биисинэһи кытта хардарыта сыһыаннаһыыларын са­­йыннарар, норуоттарын интэриэстэрин туруулаһар ыччаттары, саҥа көлүөнэ лиидэрдэрин иитэн-үөрэтэн таһаарар, үлэни-хамнаһы тэрийэр быра­йыактары көҕүлүүр.

Бу сырыыга Уопсасты­баннай дипломатия оскуо­латын бырагыраамаларга дириэк­тэрэ Алексей Цыкарев, Национальностар дьыаларыгар федеральнай ааҕыныстыба эппиэттээх үлэһиттэрэ уонна Сахалинтан саҕалаан Ямал-Ненец аптаныамынай уокуругар тиийэ 15 эрэгийиэнтэн 45 саастарыгар диэри саас­таах төрүт олохтоох омуктар 14 бэрэс­тэбиитэллэрэ, үөрэх бырагырааматын 29 полуфиналис­тара кытталлар.

Санатан эттэххэ, «оскуола» үөрэҕэ үс түһүмэҕинэн ыытыллар (Международные стандарты и повестка в сфере прав коренных народов; Коренные народы в социокультурных регионах мира; Национальная политика и устойчивое развитие коренных малочисленных народов России). 2024 сыл ыам ыйыттан муус устарга диэри ыраахтан олорон үс ха­­йысханан үөрэхтээһин бастакы түһүмэҕэ буолбута. Билигин үөрэх иккис түһүмэҕин чэрчитинэн сугулаан кыттыылаах­тара араас дискуссионнай былаһааккаларга, төгүрүк остуол­ларга, маастар-кылаастарга, көрсүһүүлэргэ, коуч-сиэссийэлэргэ сылдьаллар, ону тэҥэ төрүт омуктар бырааптарын бырамыысыланнаска, култуураҕа уонна төрүт үгэстэрин харыс­тааһыҥҥа бырааптарын кытта билсэллэр.

Бастакы күн бырагыраама иитинэн Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтин аактабай саалатыгар «Аҕыйах ахсаан­наах төрүт олохтоох хотугу омуктар бырааптарын сокуонунан мэктиэлээһин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин холобуругар сокуону оҥорууга чорботуллар хайысхалар» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрээһини  Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева ыытта. Үөрэх үһүс түһүмэҕин ыытыы, иккис түһүмэх финалистарын талан, бу сыл балаҕан ыйыгар Москваҕа МГФО МИД баазатыгар практическай дьоҕурдарын бөҕөргөтөр сыаллаах, ону тэҥэ тус сыаллаах федеральнай тэрилтэлэр  үлэлэрин билиһиннэрэр соруктаах ыытыллара күүтүллэр.

Тэрээһини Арассыыйа Федерациятын Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи төрүт олохтоох омуктарын Ассоциацията уонна Тас дойдулар дьыалаларын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга судаарыстыбаннай институт Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктары өйүүр пуонданы уонна «Норникель» хампаанньаны кыттыһыннаран тэрийэллэр.

Елена Голомарева, Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

– Саха сирин холобуругар Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар бырааптарын мэктиэлээһинэ хас да сокуо­нунан хааччыйыллар. Ол курдук, Ил Түмэн иһинэн кэнники сылларга хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах но­­руоттарын өйөөһүҥҥэ Саха сиригэр барыта 20-тэн тахса со­­куон оҥоһуллубута уонна олоххо киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ анаан-минээн Арктика уонна Хотугу норуоттар дьыалаларын сайыннарыыга министиэристибэ тэриллибитэ, Төрүт олох­тоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боломуочуна­йын кытта күүстээх үлэ ыытыллар. Ити курдук, Саха сиригэр төрүт олох­тоох омуктар бырааптарын сокуонунан өйөөһүн үлэтэ билигин да салҕанар. Холобур, атын эрэгийиэннэргэ суох өрөспүүбүлүкэҕэ «Көс ыалын туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 360 мөл. солк. көрүллэн табаһыттар хамнастара 7-8 тыһ. солкуобайтан 45-50 тыһ. солк. диэри үрдэтиллибитэ. Ону кытта бу күннэргэ «Арассыыйаҕа хотугу дьиэ табатын иитии» федеральнай со­­куон барылын дьүүллэһиитэ барар. Бу сокуоҥҥа элбэх итэҕэс­тэр, быһаҕастар бааллар, ол иһин атын эрэгийиэннэри кытта саҥа ньымалары буларга үлэлэһэбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago