Олохтоох оҥорон таһаарыыга урутаан сайдыы сирэ
2023 сылга Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыыга судаарыстыба өйөбүлүн туһунан сокуон ылыллыа. Сокуон олоххо киирдэҕинэ, тыа сиригэр урбаан сайдыа, биисинэс көҕүн улаатыннарыа уонна олохтоох оҥорон таһаарыыга өйөбүл буолуо. Бастакы пилотнай бырайыак сиринэн Хаҥалас улууһун «Эркээни хочото» буолуо.
Сокуон барыла билигин оҥоһуллан, ситэриилээх былаас уорганнарыгар сөбүлэһиигэ ыытылынна, ол кэнниттэн Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньахха киириэ. Эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ урутаан сайдыытын сирдэрэ ураты интэриэһи үөскэтэллэр диэн бэлиэтээн турар. Федеральнай ирдэбилинэн, улахан инвестиция угуллуон, ол толуйуллуон, элбэх киһини дьарыктыахха сөптөөх урутаан сайдыы сиринэн бары буолар кыахтара суох. Ол гынан баран, олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүргэ өрөспүүүбүлүкэ таһымыгар манныгы оҥоруохха сөп.
Ол курдук, судаарыстыба көмөтүн маннык көрүҥнэргэ ылыахха сөп: бурдугу үүннэриигэ, ынах-сүөһүнү, сибиинньэни иитиигэ, үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга уонна атын даҕаны аһы-үөлү оҥорууга, туризмҥа.
Билиҥҥитэ Хаҥалас улууһугар эти астыыр сыаҕы тэрийии боппуруоһа ырытылла сылдьар. Бырайыак быһыытынан, комбикорум собуотун дьиэтин саҥаттан өрөмүөннээн, инженернэй ситимин оҥорон, сүөһүнү өлөрөр, астыыр сыах, эти астыыр уонна полуфабрикаттары, халбаһыны оҥорор сыах технологическай оборудованиеларын атыылаһыахтара. Итини таһынан Горнай, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын резиденнэрин бырайыактарын үөрэтэллэр.
Урутаан сайдыы резиденнэрэ буоллахтарына, нолуок өйөбүлүн кээмэйин быһыытынан чэпчэтиллибит нолуок ыстаапкатын, ол иһигэр туһааннаах статуһу ылыаҕыттан бастакы биэс сылга ыстапка алын кээмэйин олохтуурга, онтон кэлэр биэс сылга 3% уонна 7,5% кэриҥнээх ыстаапканы олохтуурга этиллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: