Олохтоохтор хочуолунай тутуутун туруорсаллар

Олохтоохтор хочуолунай тутуутун туруорсаллар

13.02.2025, 08:45
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын отчуота Уус Алдан улууһугар  салҕанар. Олунньу 12 күнүгэр үс бөлөххө арахсан, нэһилиэктэринэн үлэ барда.
Үһүс бөлөх үлэтин ыраах Кылаайы сэлиэнньэтиттэн саҕалаата.


Былырыыҥҥы сүрүн кыһалҕа — хочуолунай тутуута быйыл да бэбиэскэҕэ бастакынан турда. Быйылгы хамсааһына диэн бырайыага от ыйыгар оҥоһуллан, экспертизаҕа киириэхтээх. Ол кэннэ ОДьКХ лииньийэтинэн федеральнай эбэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи үбүлээһиҥҥэ киирэн, 2026-2028 сс. тутуллуо диэн эрэл баар. Биллэн турар, олохтоохтор хочуолунай тутуутун күүскэ туруорсаллар, биир сүрүн биричиинэнэн оттук мас чугаһынан аҕыйаан иһэрэ ыйылынна.

Кылаайы Бороҕонтон 135 км ыраах сытар нэһилиэк буолар. Оттон чугастааҕы баһаарынай хамаанда Тандаҕа баар, бу Кылаайыттан 80 км ыраах нэһилиэк. Онон ыксаллаах быһыы майгы буолар түгэнигэр уу таһар массыынабытын кыһыннары туһанарбытыгар гараас наада диэн буолла. Үбүлээһин көрүлүннэҕинэ, бэйэ күүһүнэн да тутуохпут диэтилэр.

Нэһилиэнньэ өссө биир тыын боппуруоһунан бэкээринэ буолбут. Ороскуоттаах диэн урбаанньыттар килиэби буһарартан аккаастанан эрэллэр эбит. Онон дьоҕус бэкээринэлэргэ субсидия көрүллэрэ наада буолбут.
Кылаайы нэһилиэгин олохтооҕо Николай Турантаев суол суоҕун тоһоҕолоон туран, стационар аһылларын туруоруста. Хас ыалдьыбыт киһи аайы санавиация көппөт. Дьиҥэр уруккута стационар баар эбит, ол, хомойуох иһин сарбыйыыга түбэспит. Сарбыйыы саҕана олохтоохтору улуус киинигэр киирэн эмтэниэххит диэбиттэр да, билигин наар миэстэ суох диэн буолбут
Быйыл амбулаторияҕа быраас үлэлии кэлиэхтээх эбит да, кэлбэт буолбут. Биэлсэр эрэ баар. Ол да буоллар кырдьаҕас, быраас син биир кэлиэ, кини кэлэригэр аҕыйах куойкалаах стационар төттөрү арыллара наада диэн туруоруста.
Олохтоохтор уу суолун, эдэр исписэлиистэргэ уопсай дьиэ тутуутун, ойуур баһаарыгар тахсыбыт хоромньу төлөбүрүн, бэнсиин, сэлээркэ сыаната үрдээһинин, о.д.а. кыһалҕалаах боппуруостарын отчуоттуу кэлбит дьонтон тутан олорон ыйыттылар, сорох этиилэри боротокуолга киллэттэрдилэр. Түмүккэ ситэриилээх былаас былырыыҥҥы үлэтин сөптөөҕүнэн аахтылар.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 февраля
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: