Олом Күөл таһынан түөрт бөрө ааспыт
25.12.2024, 11:30
Е.Кузьмин ыытта
Бөлөххө киир:
Соторутааҕыта Амма улууһун Олом Күөлүттэн 4 км сиринэн түөрт бөрө ааспыт.
Ол туһунан олохтоох бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, бөрөһүт Егор Кузьмин иһитиннэрдэ.
— Биһиги эргин аҕыйах бөрө баар. Билиҥҥитэ сылгылары улаханнык тыыта иликтэр. Халлаан тымныйдаҕына, бука, биллэллэрэ буолуо. Хаһаайыстыбалаах буолан, сылгылары тыыппаттара буоллар диэн баҕарабын. Идэһэ өлөрөн, от соһон солото да суох сырыттым. Онон хапкаан иитэ иликпин. Дэриэбинэттэн чугас кэлэн барбыт адьырҕалары Саҥа дьыл бырааһынньыктарын кэнниттэн тахсан суоллаан-иистээн көрүллүөҕэ. Хапкаан туруоран көрүөм этэ, — диэтэ Егор Николаевич.
Хаартыска: Е.Кузьмин
+1
2
+1
+1
+1
+1
5
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: