Амма улууһугар Олом Күөл учаастакка барар суолу тибии тибэн, икки нэдиэлэттэн ордук олохтоохтор хаайтаран, улахан моһуогу көрсүбүттэр.
Улахан тибиилэр кэннилэриттэн үс хаһаайыстыба сүөһүлэригэр оту кыайан тиэйбэт турукка тиийбиттэрэ. Хаар халыҥа миэтэрэҕэ чугаһаабыт. УАЗ массыынатааҕар буолуох, улахан тиэхиньикэ турбутунан батыллар халыҥа буолбут.
Бу балаһыанньаттан хайдах тахсыбыттарын Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин кэпсиир:
-Улуус баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигар Ион Кононовка баар балаһыанньаны кэпсээбиппитигэр Степан Николаевич суолу ыраастыыр суһал дьаһаллары ылынна. Кини сорудаҕынан икки тракторынан (биирэ анал отвалынан хаары икки аҥы силэйэр, “Беларус” ыарахан гусеницаны соһон тэҥниир) массыына сылдьарын курдук ыраастаан, сарсыарда 04.00 саҕана эргийэн кэллибит.
Дьон медицинскэй өҥөҕө наадыйан хаалар түгэнигэр, иэдээн буолуон сөбө. Баһылыгы солбуйааччы Виктор Смирников, муниципальнай сакаасчыт сулууспатын начальнигын э.т. Николай Новиков манна улахан үлэни ыыттылар. Амматааҕы грейдеристэр, Бэстээх, куорат погрузчиктара аккаастаммыттарын кэннэ, бу уустук үлэҕэ олохтоох Михаил Бубякин ылыста. Эмис – Олом Күөл – Билиилээх (уопсайа 41 км.) суолу астарда уонна тэҥнээн тартарда. Манна трактористар Михаил Бубякин, Иван Захаров сатабыллара, техникаларын туруга үчүгэйэ — быһаарар оруолу ылла,- диэн Прокопий Петрович махтанар.
Күнү-дьылы билгэлээһининэн, мантан саас аны хаардыыра, тибии түһэрэ билгэлэммэт.
Маны кытта Амма улууһугар өрүс мууһун хараардыы үлэтэ бара турар. Билиҥҥи туругунан биэс учаастак утары: Үс Үөстээх, Молуода, Уорай, Харчы Хайата, Синэпиэн Арыыта, хараардыы үлэтэ ыытыллыбыт. Уопсайа 38 га иэннээх сиргэ “ИП Фомина А.Н.” тэрилтэ үлэни оҥорон хамыыһыйаҕа туттарбыт.
Хаартыска, сонун «Амма олоҕо» хаһыат саайтыттан
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…