Олоҥхо ассоциациятын 25 сыла
“Үйэ саас тухары олоххо
Саханы үрдэтиэ олоҥхо!”
Саха норуодунай бэйиэтэ Күннүк Уурастыырап ити курдук олус бэргэнник этэн, суруйан кэбиспитэ, бу, Национальнай эпоһы харыстааһыҥҥа “Олоҥхо Ассоциацията” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттэммитэ 25 сыла туолуутун бэлиэтиир дьоро түһүлгэҕэ хаста даҕаны ахтыллан, ураты тыыннанан иһилиннэ.
Үйэ чиэппэрэ кэрэ-бэлиэ дааталаах тэрээһиҥҥэ ахсынньы 4 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр саха омук чулуу айымньытын ОЛОҤХОНУ харыстыыр, үйэтитэр, пропагандалыыр, сайыннарар, инники кэскилин түстүүр туһугар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар дьон мустубут. Бу күн, биллэн турар, эҕэрдэ, махтал тыллара этиллиэхтэрин этилиннилэр.
Мустубут дьону олоҥхолоон, оһуохайдаан, тойуктаан көрсөн, Дьокуускай куорат 7N-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна СӨ Култуура, ускуустуба кэллиэһин фольклоргакэлэктииптэрэ бэйэлэрин талааннарынанолус үөртүлэр, долгуттулар.
СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, бу курдук, ыччаттарбыт үтүө үгэстэргэ уһуйуллан, үүнэн-сайдан иһэллэрэ эрэлбитин өссө бөҕөргөтөрдиэн бэлиэтээн туран, мустубут дьону СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна салайар министиэристибэтин аатыттан Олоҥхо ассоциация 25 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
—Икки үйэ алтыһыытыгар, ХХ үйэ биһиэхэ бэлэхтээбит, биэрбит олоҥхоһуттарын, кинилэр айан таһаарбыт, ыллаан-туойан хаалларбыт олоҥхолорун, Платон Алексеевич Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону аан дойду сэргээтин диэн суруйан хаалларбытын уонна эһиги — ытык сааскытыгар сылдьар, киэн туттар дьоммут, ону барытын иилэ хабан ылан, дьарыктанан, саҥалыы тыыны биэрэҥҥит, ХХ үйэ бүтүүтүгэр, кэлэр ХХI үйэҕэолоҥхобут – биһиги олохпут сайдыыта, философията буолар диэн, олоҥхону биһиги кэлэр кэскилбитигэр көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ биэриэхтээхпит диэн өйдөөн тураҥҥыт, маннык уопсастыбаннай хамсааһыны тэрийэҥҥит, олоҥхо тарҕаныытыгар, олоҥхо дириҥииригэр дьоһуннаах кылааккытын киллэрэҕит. Эһиги 90-с сыллартан олоҥхо туһугар туох баар күүскүтүн-кыаххытын биэрэн, айымньылаахтык үлэлиигит. Олоҥхо эйгэтэ – бу биһиги итэҕэлбит, философиябыт, бу биһиги кэлэр кэскилбит буолар, онон мин эһиэхэ махтанабын, сүгүрүйэбин! Биһиги бу ХХI үйэҕэ үктэнэрбитигэр, 1999 сыллаахха сөпкө тайаммыппыт, ону аан дойду өйдөөн, өйөөн, ЮНЕСКО курдук тэрилтэ саха Олоҥхотун өрө тутан, аан дойду култуурунай баайа-дуола буоларынан билиммитэ. Инникитин даҕаны бары бииргэ, түмсүүлээхтик, кэлэр кэскилбитин түстүөҕүҥ! — диэн туран, оччолорго өрөспүүбүлүкэ араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин салайан олорон Олоҥхо Ассоциацията тэриллиитин өйөөбүт, күүс-көмө буолбут култуура миниистирэ Афанасий Иванович Ноев “Олоҥхо Ассоциацията” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ Бэрэсидьиэнигэр Феврония Васильевна Шишигинаҕа Эҕэрдэ суругу туттарда.
Үйэ чиэппэрэ үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ биһиги, сахалар олоҥхобут – ытык өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубакка уһун тыыннанан бара турарын туһугар туруулаһан үлэлии-хамсыы сылдьар дьон – ассоциация улуустардааҕы филиалларын дэлэгээссийэлэрэ ыраахтан-чугастан мустан, кыттыыны ыллылар, эҕэрдэлэргэ кыттыстылар. Ол курдук, Илин эҥэр улуустар – Амма, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Бүлүү сүнньүн улуустара – Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар уонна Киин улуустар – Нам уонна Хаҥалас, Горнай уонна Дьокуускай куорат, Хоту улуустар – Дьааҥы, Өймөкөөн, Кэбээйи, Нерюнгри куорат чулууттан-чулуу бэрэстэбиитэллэрин ыыппыттар. Кинилэр кэскиллээх үлэлэрин бары көрө-билэ сылдьабыт уонна олус махтанабыт. Холобур, ааспыт сайын Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан бирииһин хаһаайына, Чурапчы Мырылатыттан олоҥхоһут Анатолий Николаевич Христофоров, төрүт култуурабыт, фольклорбут сайдарын туһугар үтүмэн үгүһү оҥоро сылдьар Мария Андреевна, Валерий Петрович Герасимовтар, Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх аатырбыт олоҥхоһут Ноорой сиэнэ Аксинья Степанова, Горнай улууһугар 35 сыл устата култуураны салайан кэлбит Тамара Кесарева курдук биллэр-көстөр дьон баалларын үөрэ, бэлиэтии көрдүм.
—Саха тылын, саха төрүт үгэһин көмүскээччи, харыстааччы, сайыннарааччы буолан куруутун инники күөҥҥэ сылдьар, күүстээх, кыахтаах, үлэҕитигэр бэриниилээх дьонум, хамаанда буолан кэлэн олороҕут, эһигини Олоҥхобут Ассоциациятын 25 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күннэргэ биһиги өссө ирэ-хоро сүбэлэһиэхпит, инники үлэбитин анааран көрүөхпүт, – диэтэ Феврония Шишигина. Манна олус сөпкө бэлиэтээбиттэринэн, чуолаан Феврония Васильевна, үөрэхтээһин эйгэтин киһитэ, оҕону-ыччаты кытта үлэҕэ уопуттаах салайааччы, Олоҥхо Ассоциациятын Бэрэсидьиэнинэн талыллыаҕыттан, Ассоциация тэриллиэҕиттэн ыла оҕолорго-ыччаттарга болҕомто уурбутун өссө дириҥэтэн, үлэни кэҥэтэн, билигин “Мин Олоҥхо дойдутун оҕотобун” , “Муҥха олоҥхото”, “Куйуур олоҥхото” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэргэ улуустар, нэһилиэктэр, куораттар олус көхтөөхтүк кытталлар, олоҥхону толорор ыччаттар,оҕолор сайдан, саҥаттан-саҥа кэрдиискэ тахсан иһэллэр. “Ыччат олоҥхоһут” уопсастыбаннай түмсүү утумнаахтык үлэлиир.
Биллэн турар, бүгүн бу дьоро түһүлгэҕэ, үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо Ассоциацията тэриллэригэр, атаҕар турарыгар өйөбүл, көмө-тирэх, сүбэ-соргу буолбут ытыктанар дьоммутүтүө ааттара хайаан даҕаны махталынан ааттаналлар: СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев, СӨ НА ГЧИ дириэктэрэ Василий Николаевич Иванов, саха норуодунай бэйиэтэ Савва Иванович Тарасов, СӨ Национальнай оскуолалары чинчийиигэ институтун сүрүн научнай үлэһитэ Нина Игнатьевна Филиппова, СӨ Норуоттарын муусукаларын уонна фольклордарын түмэлин дириэктэрэ Аиза Петровна Решетникова, СӨ НА ГЧИ старшай научнай үлэһитэ Агафья Еремеевна Захарова.
Итиэннэ, күн бүгүн Олоҥхо туһугар туох баар күүстэрин, өйдөрүн-санааларын ууран айымньылаахтык, киэҥ эйгэни хабан үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут – салайааччыларбыт, учуонайдарбыт, тыл үөрэхтээхтэрин, култуура, искусство диэйэтэллэрин ааттарын эмиэ, махтанан туран, ааттыыбыт: Александр Николаевич Жирков, Феодосия Васильевна Габышева, Андрей Саввич Борисов, Василий Васильевич Илларионов, Екатерина Петровна Чехордуна, Евдокия Михайловна Поликарпова, Александра Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма, Галина Семеновна Попова-Санаайа, Зоя Григорьевна Сысолятина, Надежда Семеновна Толбонова, Гаврил Гаврильевич Филиппов, Елена Николаевна Протодьяконова, Елизавета Алексеевна Сидорова, Светлана Дмитриевна Мухоплева, Римма Романовна Жиркова, Вера Семеновна Никифорова, Диана Гаврильевна Ефимова, Евдокия Игнатьевна Избекова, Марина Трофимовна Гоголева, уо.д.а.Эһиэхэ, ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйа, дьоҥҥут-сэргэҕит туһугар салгыы сырдык сыдьаайдаахтык үлэлии-хамсыы тураргытыгар баҕарабыт!
Кэнчээри ыччаты кытта үлэ көхтөөҕүн, бу Дьоро түһүлгэ ыччаттар сөбүлээн мустар, түмсэр сирдэригэр “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр ыытыллыбытыгар эмиэ көрөбүт. Манна, сарсыардаттан саҕалаан, оҕо уһуйааннарын уонна үөрэх кыһаларын тэрийиилэринэн, “Олоҥхонон оонньуурдар уонна оонньуулар” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл үгүс-элбэх киһи болҕомтотун, интэриэһин тарта.
Онтон киэһэтин эмиэ бу “Сэргэлээх уоттарыгар” быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр 15-с төгүлүн ситиһиилээхтик ыытыллыбыт Олоҥхо дэкээдэтин түмүктүүр дьоһуннаах тэрээһин олоҥхону сөбүлээн истэр, толорор үгүс ыччаты, дьону-сэргэни түмтэ.
Татьяна Маркова.
Хаартыскалары Олоҥхо киинэ уонна ааптар тиксэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: