Олоҥхо ассоциациятын бириэмийэтэ — Нам улууһугар

Олоҥхо ассоциациятын бириэмийэтэ — Нам улууһугар

30.11.2022, 20:19
Бөлөххө киир:

“Арассыыйа — мин устуоруйам” историческай пааркаҕа буолан ааспыт Олоҥхо күнүгэр өрөспүүбүлүкэ салалтата, Олоҥхо ассоциацията 2022 сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээх улуустары, кэлэктииптэри, уопсастыбанньыктары анаан  бэлиэтээтилэр.

Наҕараадаламмыттар ортолоругар Нам улууһунааҕы Олоҥхо ассоциацията өрөспүүбүлүкэҕэ 1-кы  миэстэни ылан, «Олоҥхо ассоциациятын  бастыҥ филиала” анал ааты ылан, 500 тыһыынча  солкуобай суумалаах бириэмийэнэн наҕараадаламмыта.

Улуус дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрбитинэн, 2019 сылтан  улуус  баһылыга Юрий Слепцов  уурааҕар олоҕуран, «2019-2023 сылларга биир кэлим сахалыы иитэр үөрэтэр култуура  эйгэтин тэрийии” тосхоло ситиһиилээхтик  үлэлиир. «Олоҥхо» ассоциацията (сал. Иван  Новиков)   Олоҥхо дьиэтин, улуус култуураҕа управлениетын, нэһилиэктэр култуураларын кииннэрин, норуот ансаамбылларын, оскуолаларын кытта  фольклор бары көрүҥнэригэр былааннаах үлэни ыытан, улахан ситиһиилэннэ.  Нэһилиэк аайы куту-сүрү бөҕөргөтөр, өйү-санааны сааһылыыр,  саха норуотун духуобунаһын толору көрдөрөр олоҥхо-айыы балаҕаннара тэриллэллэр.

Төрүт дьарыгы тилиннэрэргэ ынахха, сылгыга, сир үлэтигэр  анаммыт алгыс, сиэр-туом тэрээһиннэрин дьоро күннэрэ ыытыллаллар.   Эдэр олоҥхоһуттар түмсүүлэрэ тэриллэн,  өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк ситиһиилэннилэр.

Вера Колпашникова салайааччылаах П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ  Дойдуга култуурунай нэһилиэстибэ, Саха автономията төрүттэммитэ 100, Нам улууһун биллэр олоҥхоһута Е.Г. Охлопков-Буоратай 125 сылларыгар аналлаах «100 балаҕаҥҥа  — 100 олоҥхону  истии» бырайыага үлэтин түмүктүүрэ чугаһаата. Номнуо 89 олоҥхо иһилиннэ,  уопсайа 1335 истээччи хабылынна.  «100 уол оҕоҕо  — 100 тымырдаайы» харысхал оҥоруу бырайыага  түмүктэнэн,  оскуоланы бүтэрээри сылдьар 100 бастыҥ көрдөрүүлээх уолга Ленскэй нэһилиэгин баһылыга харысхаллары туттарбыта.   «100 Ытык сиргэ сүгүрүйүү» бырайыак салҕанан барар. 2022 сылга Олоҥхо дьиэтэ   «Саха мас иһитин сөргүтүү, сайыннарыы уонна норуокка тарҕатыы» бырайыагынан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин култуурунай көҕүлээһиҥҥэ гранын кыайыылааҕынан тахсан, 475 тыһ. 199 солк. харчынан наҕараадаламмыта.

Светлана Лукина салайар уопсастыбаннай тэрилтэтэ  дойду Бэрэсидьиэнин гранын 3 төгүллээх,  Ил Дархан гранын  кыайыылаахтарынан буолар. Ол курдук,  “Сээркээн Сэһэн – ийэ олоҥхоһут”  олоҥхо сэһэнин философскай дириҥ анаарыытын көрдөрөр саҥа хайысхалаах бырайыагын олоххо киллэриигэ  үлэ билигин улуус үрдүнэн ыытылла турар. Үлэ чэрчитинэн хас биирдии ый олоҥхотун олугун ойуулааһына, үөтүүлээх анаарыыта, ис хоһоонун ырытар ыйытынньыга кыра электроннай брошюра буолан  нэһилиэккэ, оскуолаҕа, ыалга тарҕанар. Онон олоҥхо ыалга тиийэн ааҕар, толкуйу тобулар, сэһэни тэнитэр, тылы олохтуур,  күөмэйи чөллөрүтэр тойуга буоларын ситиһэргэ үлэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: