Субуота аайы 7 чаастан олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэр тэлэбиисэр иннигэр олорон, олоҥхону толорооччулары истэбит. Ааспыт субуотаҕа, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, бэртээхэй толорооччулар быһа тардан ыллаан-туойан аастылар. Хайдах эрэ куйаартан түспүт дьон курдук кинилэри киһи сэргиир эбит. Төһө да дьэрэкээн ойуулаах, хомуһуннаах тыллаах олоҥхоттон тыһыынча гыммыттан биирин толордоллор , көрөөччү дьулайынан киирэр олоҥхо барахсан.
Били уһуйаан, оскуола оҕотуттан саҕалаан күнү быһа нууччалыы былаастаах, маатыра доҕуһуоллаах кэпсэтиини-ипсэтиини, соһуйууну-өмүрүүнү истэн кэлбит кулгаахтарбыт, ийэ тылбытын истэн, иһийэн олорон утаппыттыы умсаахтаатыбыт. Толорооччулар элбэхтэ кыттыбыттара, таһымнара үрдүгэ көстөр.
Олоҥхо аанын Анна Макарова Чурапчы кыыһа аста. Бу саҥата чуолкайын! ырыатыгар тугу ыллыыра толору иһиллэр. Куолас мааны. «Ньургун Боотур» операны опернай ырыаһыттар ыллаатахтарына киһи тугу ыллаабыттарын өйдөөччүтэ суох. Саала акустиката куһаҕан буолуо эбитэ дуу. Аннаны киһи батыһа истэр. Кини биллэр толорооччулары, холобура Дмитрий Тихоновы чуолаан истэн үөрэниэн наада эбит. Миитэрэй Үрдүк Айыылар ырыаларын олус бэркэ толорор. Гаврил Колесов толорууларын пластинкаттан эмиэ истиэн наада эбит. Эдэр кыыска, тойоттору, эр дьону үтүктэр олус уустуга өйдөнөр. Ол эрээри, ону сатаатаххына истээччи өссө сэҥээриэн сөп. Оттон кыайтарбат буоллаҕына, атын олоҥхоҕо көһөр ордук. Бэйэҕэр барсар олоҥхоҕо олорсуохха сөп.
Нам кыыһа Вера Цыпандина Намтан төрүттээх Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Уопсайынан олоҥхо тыла-өһө дьээбэлээх киһи гиэнэ дьээбэлээх буолар. Ол дьээбэ истээччини тардар. Оттон Биэрэ бэйэтэ да дьээбэни сөбүлүүр кыыс быһыылаах. Ол иһин Сорук Боллур, Кыыс Кыскыыйдаан ырыаларын олох табыллан толорор эбит. Алыс ыксаабакка, лоп бааччытык кэпсээнин кэпсиир. Олоҥхоһуттар да оннуктар үһү. Ханнык эрэ персонаһы табыллан ыллыыллар, сороҕун кыайбаттара эбитэ үһү. Дьахтар бухатыырдаах олоҥхону кыыс-дьахтар толороро ордук барыстаах эбит.
Игнатий Слепцов Дьааҥыттан төрүттээх эбит. Кэпсээтэҕинэ тыла-өһө чуолкайдык иһиллэр. Оттон ыллаатаҕына-туойдаҕына тугу да өйдөөн истибэтим. Аһары артыыстаан кэбиһэр курдук. Ордук Абааһы уолун оруолун. Олорон эрэ хамсанара-имсэнэрэ көмөлөһөр эбит.
Чурапчы Дириҥин кыыһа Ульяна Корякина 2 сааһыттан ыллыыр үһү. Мэлдьэхситтэн төрүттээх, араспаанньатыттан сылыктаатахха. “Дьырыбына Дьырылыатта “олонхону туойда. Барахсан, кэрэ куолаһын киһи истэ олоруох курдук. Ол эрээри, Биэрэ олоҥхо дьээбэлээх өртүн ойо быһан эппит эбит буоллаҕына , Уля ону тумнан Бухатыыр дьахтар ырыатыттан саҕалаан, истээччини ситэ бэлэмнээбэтэ. Биир кээмэйнэн ырыаны хаста да ыллыыра, куолаһа төһө да бэрдин иһин истээччини улугурдар эбит. Эбии Аан Алахчын, аты, Абааһы кыыһын ыллатта. Ульяна айылҕаттан бэрдэриилээх эбит. Аһылла илик. Үчүгэй маастар астаҕына, үтэн таһаардаҕына киһи “куттанар” ырыаһыта тахсан соһутууһу.
Айтал Винокуров – Горнайтан толорооччу. Дьэ кэпсээни кыайа тутар уол эбит. Ноорой тыла-өһө иһиллэр. Толорооччу ыллыырыгар куолаһын үтүө кырааскатын сатаан толору туһана үөрэммит. Ол иһин ырыалар бүтүүлэрэ олус кэрэтик иһиллэллэр. Тыла-өһө олус чуолкайдык этиллэр буолан, киһи ыарырҕаппакка истэр, кэтиир.
Айтал, Биэрэ кэрэ кэпсээннэрин киһи эрэ истиэх-сэргиэх эбит. Сиппит-хоппут, бэйэлэрин кистэлэҥнэрин арыйбыт дьон эбиттэр. Онтон Анна, Ульяна бэрт элбэҕи айылҕа биэрбитин ситэ-хото туһана иликтэрэ көстөр. Быраҕа-быраҕа ылсаллар дуу диэххэ сөп. Эттэрэ-хааннара аһылла илик. Кинилэр бэйэлэрин олоҥхолорун буллахтарына, саха дьоно сэргии истиэхтэрэ дии саныыбын.
Федот Харитонов, алтынньы 1 күнэ 2024 сыл.
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.