Салгыы
Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

27.11.2024, 20:40
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары ситиһиилээхтик суруйдулар, өрөспүүбүлүкэтээҕи тургутукка кыттан, туоһу сурук ыллылар.


Бүгүн лиссиэй бөлөхтөрүн устудьуоннарыгар сонун күн буолан ааста.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн,  лиссиэйгэ  Харбалаахтааҕы ускуустуба оскуолатын уҺуйааччыта Айаал Никитич Быгынанов кэлэн, устудьуоннарга олоҥхо туһунан кэпсээтэ, олоҥхоттон быһа тардан толордо, норуот ырыатын ыллаан-туойан, сэргэхситэн барда. Эдэр киһи сиэринэн устудьуоннар интэриэстэрин тардан, көхтөөх ытыс тыаһынан биһирэннэ.
Онтон оскуола аактабай саалатыгар  саха тылын учуутала Варвара Павловна Трофимова олоҥхону билэргэ умсугутар «Бэйэ оонньуутун» орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр тэрийэн ыытта. Оҕолор элбэх саҥаны билэн, астынан тарҕастылар. Салгыы күргүөмүнэн олоҥхону толорууга бэлэмнэнии күн аайы ыытыллар.
Устудьуоннар олоҥхо дьыктаанын суруйуохтара.
Ити курдук, саха норуотун тылынан чыпчаал айымньыта кэрэни кэрэхсииргэ угуйар, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьулуһууну үөскэтэр.

Валентина КРИВОШАПКИНА, Харбалаах, Таатта

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: