Саха сиригэр Олоҥхо национальнай күнэ 2006 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр аан бастаан бэлиэтэммитэ.
Ол кэмтэн ыла 17 устата сыл аайы өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дэкээдэтэ ыытыллар. Быйылгы Олоҥхо күнүн бэлиэтээһинин СӨ Бырабыыталыстыбатын, СӨ култуура уонна духуобунас министиэристибэтин, олоҥхону сайыннарыыга, үйэтитиигэ үлэлиир тэрилтэлэр бары кыттыһан торумнаатылар. Бэрт киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох барылы тэрийээччилэр суруналыыстарга анаан билиһиннэрдилэр. Ол курдук, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо” ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина, Олоҥхо үнүстүүтүн дириэктэрэ Руслан Анисимов тэрээһиннэри сиһилии билиһиннэрдилэр.
Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн сэтинньи 10 күнүттэн саҕалаан улуустарга уонна киин куоракка араас хайысхалаах тэрээһиннэр көхтөөхтүк буола тураллар. Култуура миниистирэ Афанасий Ноев бэлиэтээбитинэн, быйыл Олоҥхо дэкээдэтэ ыччакка ананна. Ол эбэтэр бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 60-тан тахса араас улахан тэрээһин ыытылла турар. Онтон биирдэстэрэ — Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин С.П. Оконешников аатынан «Айылгы» култуура киинэ уонна олохтоох модельнай бибилэтиэкэ көҕүлээһиннэринэн аан маҥнайгытын оҕолорго аналлаах «Олоҥхо омуннаах суолунан» күрэс. Манна олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорооччулар кытыннылар.
Өссө биир ураты тэрээһин “Симэх” национальнай ускуустуба киинигэр “Орто дойду уйгута” диэн өрөспүүбүлүкэ уран тарбахтаах маастардарын үлэлэрин быыстапката бүгүн аһылынна. Тэрээһини үөрүүлээхтик аһыы кэнниттэн Дьокуускай куорат 13 №-дээх оскуолатын оҕолоругар норуот маастара Татьяна Шишигина экскурсия ыытта.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата Олоҥхону, салгыы сайыннарыыга, үөрэтиигэ, аан дойдуга тарҕатыыга уонна айымньылаах көҕүлээһиннэри өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто уурар. Быйыл оҕолорго анаан тэриллибит тэрээһин туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников суруналыыстаргы кытта көрсүһүүгэ маннык бэлиэтээтэ:
Елена Потоцкая устуута.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева бу ый бүтүөр диэри тыйаатыр араас испэктээги бэлэмнээбиттэрин сырдатта:
— Быйыл Олоҥхо дэкээдэтэ тохсус төгүлүн ыытыллар. Эһиил — онус сыла. Сылтан сыл олоҥхо тиэмэтэ кэҥиир. Онон хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа тэнийэн иһэр буолан, дьон олоҥхону кэрэхсиир буолла.
Сарсын, сэтинньи 25 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр киэһэ 17 чаастан Олоҥхо күнэ аһыллыытыгар туох ураты түгэн күүтэрин култуура миниистирэ Афанасий Ноев маннык сырдатта:
Елена Потоцкая устуута.
Олоҥхо дэкээдэтигэр көхтөөхтүк кыттыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…