Сэтинньи 25 күнүгэр 2005 сыллаахха Олоҥхо «Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэлэрин чулуу айымньыта» буолуоҕуттан 17 сыл ааста.
СӨ Ил Дарханын Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Геокультурнай сайдыы институтун генеральнай дириэктэрэ Андрей Борисов, СӨ Олонхо тыйаатырын салайааччыта Мария Турантаева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Сергей Семенов уонна өрөспүүбүлүкэ 10 улууһун баһылыктара уонна баһылыгы солбуйааччылара Олоҥхо дьиэлэрин үлэлиир уонна сайдар тосхоллорун биир кэлим ситимин тэрийии сөбүлэҥэр илии баттаатылар.
Өрөспүүбүлүкэ духуобунай уонна култуурунай олоҕор Олоҥхо сүрүн миэстэни ылар. Сылтан сыл араас таһымнаах тэрээһиннэр дириҥ ис хоһоонноохтук киэҥник ыытыллан, улустарга Олоҥхо дьиэлэрэ тутуллан сайдар тосхол биир кэлим ситимин тэрийии суолугар үктэннилэр. 2006 сылтан 15 улууска киэҥ далааһыннаахтык, бэрт тэрээһиннээхтик уонна үрдүк таһымҥа Олоҥхо Ыһыахтара ыытылла тураллар. Олоҥхо Ыһыаҕа, Олоҥхо дьиэтэ – саха норуота төрүт култууратын харыстаан, сөргүтэн кэлэр көлүөнэҕэ утары уунара, түмсэр уонна сомоҕолоһор сүрүн күүһэ.
2021 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан, «Олоҥхо дьиэлэрин үлэлэрин-хамнастарын, кыахтарын барытын түмэн, сүрүннүүр биир ситимҥэ киллэрии – бу бүгүҥҥү күн ирдэбилэ. Бу үлэни иилээн-саҕалаан ыытыаҕа Арктическай киин» диэн бэлиэтээбитэ.
Бэс ыйын 20 күнүгэр Ил Дархан 2489 №-дээх «Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимин тэрийии, олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ уонна тимир уустарыгар государство өйөбүлүн туһунан» Ыйааҕар илии баттаабыта. Олоҥхо дьиэлэрин үлэлиир уонна сайдар тосхоллорун биир кэлим ситимин тэрийии сөбүлэҥин 10 оройуон – Горнай, Нам, Кэбээйи, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар баһылыктара уонна баһылыгы солбуйааччылара түһэристилэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 11 Олоҥхо дьиэтэ үлэлиир. Биир өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Хаҥалас улууһун Чапаево нэһилиэгэр баар. Олоҥхо дьиэлэрэ сыыйа атын да улуустарга арыллан иһиэхтэрэ.
Олоҥхо дьиэлэрин үлэлиир уонна сайдар тосхоллорун биир кэлим ситимин тэрийии — бу Олоҥхону үйэтитии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы үлэтин өссө биир саҥа хайысхата. Саҥа аныгылыы технологияны туһанан араас бырайыактары, тэрээһиннэри куйаар ситимин нөҥүө эмиэ олоххо киллэрии соруга турар. Сөбүлэҥҥэ Олоҥхо дьиэтин үлэтин сүрүн ирдэбилэ ыйыллар – эбийиэк хайаан да ураһа тииптээх, түһүлгэлээх буолуохтаах, олоҥхоһуттары түмүөхтээх, мультимедийнай аныгы технологиялаах тиэхиньиичэскэй тэрилинэн хааччыллыбыт буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ уонна СӨ Олонхо тыйаатыра норуот эпоһын сайыннарыыга методическай өйөбүлү оҥоруоҕа.
Олоҥхо дьиэлэрин үлэһиттэригэр айар-тутар алгыстаах биир ситим аартыга арыллыбытынан эҕэрдэлиибит уонна мантан инньэ улуустарга туох үлэ ыытылларын «Саха сирэ» хаһыакка уонна саайтка хото сырдатыахтара диэн эрэнэбит.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…