Олоҥхо дьоруойдарынан куукула быыстапкатын дьон сэҥээрдэ
Сэтинньи 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар, М.С. Романов аатынан Нам бибилэтиэкэтигэр, Олоҥхо күнүгэр аналлаах бэрт тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ кэлбиттэр болҕомтолорун аан бастаан «Соһор былыт чаппырактаах, кыыһар балат кычымнаах…» диэн П.Н. Тобуруокап түмэлин үлэһиттэрин көмөтүнэн турбут, 19 үйэтээҕи ат симэҕин уонна ол симэх 21 үйэҕэ тигиллибит реконструкциятын быыстапката тарта.
Онтон олоҥхоһут ыллыыр куолаһынан сирдэтинэн «Хадаар хааннаах, хабарааннаах быһыылаах Хардааччы Бэргэн» А. Т. Титаров олоҥхотун дьоруойдара диэн куукула быыстапкатын тиийдилэр. Мухоплева Татьяна Гаврильевна салайааччылаах «Куорамыкы куукулаһыттара» түмсүү оҥорбут оҥоһуктара оҕолор да, улахан дьон да сэҥээритин ыллылар. Быыстапка олоҥхоһут Андрей Титович Титаров толоруутун доҕуһуолугар турбута дириҥ ис хоһооннонно.
Салгыы ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйаҕа кыттыстылар. Олоҥхо дьыктаанын Нам сынньалаҥ киинигэр төрүт култуураҕа уһуйааччы Васильева Александра Андреевна аахта.
Тэрээһин иккис түһүмэҕинэн «Улуу ыал уһун буруолара унаарыйбыт эбит…» диэн төрүччүнү үөрэтиигэ лиэксийэ иһиттилэр, кинигэ быыстапкатын билистилэр. Кэлбит дьон арыылаах алаадьынан, үүттээх итии чэйинэн айах тутан, сахалыы сайдам санаалара көнньүөрэн тарҕастылар.
Уруйдаана Саввинова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: