Салгыы
«Олоҥхо дьыктаана» ыытыллыаҕа

«Олоҥхо дьыктаана» ыытыллыаҕа

19.11.2024, 20:00
Хаартыска: култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри бибилэтиэкэлэргэ уонна оскуолаларга үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» ыытыллыаҕа. 

«Олоҥхо дьыктаанын» ким баҕарар, сааһыттан, үөрэҕиттэн, идэтиттэн тутулуга суох, суруйуон сөп. Дьыктаан сахалыы уонна нууччалыы тылынан буолар. Улахан дьоҥҥо сэтинньи 25-30 күннэригэр бибилэтиэкэлэргэ буолуоҕа. Оттон үөрэнээччилэргэ сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар онлайн көрүҥүнэн буолуоҕа  (https://olonkho.nlrs.ru/).

Бары кыттааччыларга сэртипикээттэри туттарыахтара. «Туйгун» сыананы ылбыттарга «Олоҥхо дьыктаанын туйгуна» диэн диплом бэриллиэҕэ. Дьыктааҥҥа олоҥхо туһунан билэр, билиитин хаҥатыан баҕарар киһи кыттыан сөп.

Национальнай бибилэтиэкэҕэ «Олоҥхо дьыктаана» сэтинньи 30 күнүгэр күнүс 12 чаастан буолуоҕа.

«Олоҥхо дьыктаана» аан бастаан 2019 сыллаахха ыытыллыбыта, онно 28 улуустан уонна Дьокуускайтан 9300-тэн тахса киһи кыттыбыта. 

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: