Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри бибилэтиэкэлэргэ уонна оскуолаларга үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» ыытыллыаҕа.
«Олоҥхо дьыктаанын» ким баҕарар, сааһыттан, үөрэҕиттэн, идэтиттэн тутулуга суох, суруйуон сөп. Дьыктаан сахалыы уонна нууччалыы тылынан буолар. Улахан дьоҥҥо сэтинньи 25-30 күннэригэр бибилэтиэкэлэргэ буолуоҕа. Оттон үөрэнээччилэргэ сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар онлайн көрүҥүнэн буолуоҕа (https://olonkho.nlrs.ru/).
Бары кыттааччыларга сэртипикээттэри туттарыахтара. «Туйгун» сыананы ылбыттарга «Олоҥхо дьыктаанын туйгуна» диэн диплом бэриллиэҕэ. Дьыктааҥҥа олоҥхо туһунан билэр, билиитин хаҥатыан баҕарар киһи кыттыан сөп.
Национальнай бибилэтиэкэҕэ «Олоҥхо дьыктаана» сэтинньи 30 күнүгэр күнүс 12 чаастан буолуоҕа.
«Олоҥхо дьыктаана» аан бастаан 2019 сыллаахха ыытыллыбыта, онно 28 улуустан уонна Дьокуускайтан 9300-тэн тахса киһи кыттыбыта.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…