Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин туттарыахтара
Сэтинньи 25 күнүгэр — Олоҥхо күнүгэр олоҥхоһуттарга уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар эпическай айымньыларын, олоҥхону толорооччуларга уонна уустарга аан бастакытын Ил Дархан бириэмийэтин туттарыахтара.
Санатан эттэххэ, Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимин тэрийии уонна култуура нэһилиэстибэтин илдьэ сылдьааччыларга (хранители) истипиэндьийэни олохтуур туһунан ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев быйыл бэс ыйыгар илии баттаабыта.
Ыйаахха олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн сыллата айар бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна Олоҥхо дьиэлэрин материальнай-тиэхиньиическэй баазатын бөҕөргөтүүгэ анаан 50 мөл. солк. итэҕэһэ суох, ону тэҥэ, ыйдааҕы истипиэндьийэлэри төлүүргэ 7 мөл. 560 тыһ. солк. үп көрүллүөҕэ.
2027 сылга диэри Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин көмүскэлинэн таҥыллыаҕа уонна холбоһуоҕа.
“Олоҥхо дьиэлэрин ситимнээһин Арктикаҕа Саха сирин култууратын өрө таһаарыыга сүрүн тирэҕинэн буолуоҕа. Бүтүн аан дойдутааҕы Арктика холбоһуктара Арассыыйаҕа талаһыыларын күүһүрдүөҕэ”, — диэн Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээн турар.
Ил Дархан сорудаҕын толорууга эппиэтинэстээҕинэн СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ буолар. Биэдэмэстибэ истипиэндьийэлэри аныыр балаһыанньаны уонна хамыыһыйа састаабын бигэргэппит. Ыйдааҕы истипиэндьийэ сыл устата төлөнөр. Кээмэйэ 30 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Төрүт култуура нэһилиэстибэтин илдьэ сылдьааччылары сүүмэрдиир куонкуруска сайаапканы сэтинньи 10 күнүгэр диэри ылаллар.
Сайаапканы маннык аадырыска ыытыҥ: Дьокуускай к., Ленин проспегын 30 нүөмэрдээх дьиэтэ (Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтэ), 3 этээс, 307-с кэбиниэт, төлөпүөннэрэ 8 (4112) 32-65-91
Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: