«Олоҥхо – мин дьылҕабар»

Share

Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Черноградскай Семен Ильич Өнөргө 1948 с. балаҕан ыйыгар төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр элбэх этилэр.

1966 с. Бороҕоҥҥо Мүрү орто оскуолатын бүтэрбитэ. Устуорук идэлээх буолан, Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 20 сыл учууталлаабыта. Кэргэнэ Варвара Ивановна бэтэринээр идэлээх, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна.
Черноградскайдар үс оҕолоохтор. Уоллара Иван Семенович «Платинум» ХЭО дириэктэрэ, спортсмен, кик-боксаҕа Азия, Арассыыйа күрэхтэригэр боруонса, СНГ-г үрүҥ көмүс мэтээллэрдээх. Иккис уоллара уонна кыыстара кыыһа бүддьүөт тэрилтэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
Семен Ильич Арассыыйа куораттарыгар уон икки сыл, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ 126 төгүл хайыһар успуордугар чөмпүйүөннээбитэ. 1999 с. Финляндияҕа сүүрбэ түөрт дойду кыттыылааах хайыһарынан күрэхтэһиигэ биэс финн, биир швейцарец кэннилэриттэн сэттис миэстэ буолбута, Арассыыйаттан отут киһи кыттыбыта, Семен Черноградскай бастаабыта.


Семен Черноградскай — оһуохай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлин солбуйаааччы, Ытык олоҥхоһут түмсүүтүн чилиэнэ. Кини  2022 с. саха олоҥхотун биэс тылынан толорон, Москваҕа ыраахтан кыттан, I истиэпэннээх лауреат аатын ылбыта. 2016-2022 сыллардаахха араас бэстибээл 11 төгүллээх бастакы истиэпэннээх лауреата. “Күн дьоно” ансаамбыл састаабыгар киирсэн, биэс төгүл лауреат аатын сүкпүтэ. Семен Ущницкай “Бэриэт Бэргэн” олоҥхотун — сахалыы, Дмитрий ГоворовМүлдьү Бөҕөтүн» — нууччалыы, Петр Оготоев “Элэс Боотурун» — английскайдыы, Роман Алексеев “Ала туйгунун” — французтуу, оҕолорго аналлаах бэйэтэ суруйбут “Хапталдьын Баатырын» Сербия тылынан толорор. 2009 с. 3-с Олоҥхо ыһыаҕар Уус Алдаҥҥа олоҥхо персонажтарын толорууга уонна “Уруйдан улуу олоҥхобут” күрэххэ Гран-при буолбутун Робин Харрис киинэҕэ уһулбута. Норуот олоҥхону истэн сөбүлээбитэ. Эмиэрикэ Даллас куоратын университетын бэрэпиэссэрэ Робин Харристыын саха олоҥхотун үөрэтиигэ кыттыгас ааптар. Ол пособиенан Робин Харрис 12 дойду 67 аспиранын үөрэттэ. Семен Ильич олоҥхоҕо икки кинигэлээх. ”Хапталдьын Баатыр» олоҥхотун университет прикладной лингвистикаҕа институтугар, аан дойду норуоттарын ускуустубаларын үөрэтэр кииҥҥэ 6 дириэктэр уонна Робин Харрис 2018 сылтан нагляднай пособие быһыытынан тутта сылдьар. Семен Ильич ХИФУ английскай тылга кафедрата олоҥхотун тылбаастыырга көмөлөспүттэригэр махтала улахан. «Мүлдьү Бөҕөнү» 2014 с. Польшаҕа Варшава куорат бэрэпиэссэрэ Ева Новицкая дьиэтигэр ыҥыран уонна 2017 с. ”Хапталдьын Баатыр” олоҥхотун Прогар куорат мэриятын дьаһалтатыгар сербия тылынан толорбут.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Черноградскай уон кинигэлээх. Кинигэлэригэр, хомуурунньуктарыгар ырыалар, алгыстар, оһуохайдар, тойуктар киирбиттэр. “Бастыҥнардыын алтыспыт дьылҕам” («Судьбой подаренные друзья») кинигэтэ английскайдыы, кытайдыы, французтуу, дьоппуоннуу тылбаастанан, 16 дойдуга толоруллубута. Ити курдук, олоҥхону аргыс оҥостубут олоҥхоһут Семен Ильич чөллөркөй куолаһынан олоҥхолоон, доллоһутан, ыллаан-туойан бардаҕына, туох барыта иһийэн, чуумпуран, сырдаабыкка дылы буолар. Олоҥхону аан дойду таһымыгар таһаарыыга Семен Ильич Черноградскай өҥөтө улахан. Кинини 2012 c. СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е Николаев «Во славу и пользу республики” уордьанынан наҕараадалаабыта.

Галина БОРИСОВА-Толбооно

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

15 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

59 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago