Бу күннэргэ Олоҥхо тыйаатыра Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр «Саҥалыы сайдыы: Эпоһы аныгы көрүү» диэн бэстибээлгэ кыттан кэллэ.
Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ Олоҥхо тыйаатыра «Кыыс Дэбилийэ» испэктээги туруорда. Бу туһунан бүгүн суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Олоҥхо тыйаатырын салайааччылара уонна артыыстара кэпсээтилэр.
Олоҕу тосту уларытар санаалаах Үөһээ дойду бухатыыр дьахтара Орто дойдуну көмүскүүр булгуруйбат санаатын туһунан көстүүнү испэктээххэ кэлбит дьон биир тыынынан көрдүлэр. 360 миэстэлээх улахан тыйаатыр-шатерга 500 кэлбит киһи, баппаккалар, туран эрэ көрбүттэр.
«Кыыс Дэбилийэни» көрөөрү чугастааҕы сэлиэнньэлэртэн эмиэ кэлбиттэр. Манна эбэн кэбис бэстибээлгэ кытта сылдьар Татарстан тыйаатырдарын артыыстарын, Казаньтан уонна омук сирдэриттэн кэлбит ыалдьыттары.
— Бэстибээлгэ кыттыыбыт — Саха сирэ унна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр илии баттаһыыларын түмүгэ.
Маннык суолталаах тэрээһин аан бастаан ыытыллар эбит. Ол иһин тэрийээччилэр биһигини сонун сүүрээни өйүүрбүтүгэр көрдөспүттэрэ.
Саха испэктээҕэ бэстибээл тиэмэтин арыйар буолан, биһиги ытыс үрдүгэр илдьэ сырыттылар. Көрөөччү төһө да тылбытын өйдөөбөтөр, артыыстар бэйэлэрин оруолларын хайдах арыйалларын бэркэ сэргээн көрдүлэр.
Атын дойдуга көрөөччү дохсун ытыс тыаһын бэлэхтиирэ — олох ураты тыыны саҕар эбит. Бу түгэҥҥэ төрөөбүт дойдугар тапталыҥ өссө күүһүрэр, саха төрүт култууратын, ускуустубатын атын дойдуга тарҕата сылдьаргынан киэн туттуу саҕар, — диэн бэлиэтээтэ Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева сурнуналыыстары кытта буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ.
«Кыыс Дэбилийэ» испэктээххэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Минтимер Шаймиев бөртөлүөтүнэн көтөн кэлэн, анаан сылдьыбыт. Кини бу бэстибээли бэйэтинэн тэрийбит эбит.
Минтимер Шаймиев «Испэктээх норуоттары сомоҕолуур күүстээх. «Кыыс Дэбилийэ» тэрээһин киэргэлинэн буолла. Норуот өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар төрүт култууратын, абыычайын көрдөрөр, Арассыыйа норуоттарын үгэстэрин ситимниир» диэн үрдүк сыана биэрдэ.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ култуура миниистирэ Юрий Куприянов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай уонна култуурунай диэйэтэл, уһулуччулаах режиссер, Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи Андрей Борисов, СӨ норуодунай артыыһа, «Кыыс Дэбилийэ» испэктээх туруорааччы режиссера Степанида Борисова уонна Олоҥхо тыйаатырын эдэр артыыстара кыттыыны ыллылар уонна санааларын атастастылар.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…