Салгыы
ОЛОҤХО ЫҺЫАҔА: Аан бастаан…

ОЛОҤХО ЫҺЫАҔА: Аан бастаан…

30.06.2024, 09:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Амма улууһугар ыытыллыбыт 17-с Олоҥхо ыһыаҕар кэпсэппит дьонум санааларын үллэстиилэрин хаһааҥҥытааҕар да элбэхтик “аан бастаан…” диэн саҕалыыллар.

Амма бурдуга, Ньурбалар уратылара, Өймөкөөннөрү ытык кырдьаҕас алгыһа үөртэ

Ол эбэтэр  быйыл үгүс киһи бэйэтин ис кутугар баҕа санаа оҥостон, иитиэхтии сылдьар толкуйун бар дьон көрүүтүгэр таһаарда. Бу буолар Олоҥхо ыһыахтарын улуустарынан тэрийии  үтүө түмүгэ. Ити курдук, сылтан сыл аайы, Амма ыһыаҕар талаанын арыйбытын курдук, хас биирдии киһи ис айылгытын, кыаҕын уһугуннаран истэҕинэ, сонун толкуй тобуллан, сайдыы суола арыллан, саҥа саҕах салаллан, бииртэн биир сүүрээн кэскиллээх бырайыакка кубулуйан, олоххо киирэн иһиэ этэ буоллаҕа.

Өймөкөөн “Байаҕантайыгар” –  ытык кырдьаҕас алгыһа

Былырыын 16-с Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт буолан, Тымныы полюһуттан 70-тан тахса киһилээх дэлэгээссийэ кэлэн, ох курдук оҥостон Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кытынна.

300-чэкэ нэһилиэнньэлээх Төрүт нэһилиэгиттэн култуура туйгуна Елена Слепцова салайар “Байаҕантай” фольклорнай кэлэктиибэ Аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүл­гэлэригэр ыытыллыбыт Ырыа уонна һээдьэ күрэһигэр кыттан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Ол курдук, Алдан оро­йуонуттан кэлбит, мин аттыбар турбут  ытык кырдьаҕас Галина Керегяева “Байаҕантай” фольклорнай ансаамбылы кытта тэҥҥэ ыллаһа, үҥкүүлэһэ турда. Уопуттаах киһи улахан сыанабылы эдэр дьоҥҥо ылбычча  биэрбэтэ чахчы. Сөбүлээбит нүөмэригэр хоботун тыаһатан тыас таһаарар эбит. Онто оҕолор ырыаларыгар ритмыгар сөп түбэһэн, бэйэтэ туспа ураты мелодия буолан иһиллэр. Елена Слепцова Арктическай институту бүтэрэн баран, төрөөбүт Төрүтүгэр кэлэн оскуолаҕа оҕолору төрүт култуураҕа уһуйар. Маны таһынан, Пантелеймон Тулааһынап аатынан култуура дьиэтигэр уус-уран сала­йааччынан үлэлиир. Инньэ гынан Төрүт орто оскуолатын оҕолоро оскуола уонна кулууп икки ардыгар сүүрэ сылдьан, бары сахалыы тыыҥҥа уһуйуллан тахсаллар. Галина Керегяева «ыраах Тымныы полюһугар былырыын олоҥхо ыһыаҕар сылдьан баран, олус дуоһуйан кэлбитим. Саха уонна кыра омуктар өбүгэ саҕанааҕы тыыннара манна баар эбит» диэн бэлиэтээн туран,  Елена Слепцованы кытта кэлэн анаан кэпсэттэ, бэрт элбэх сүбэни биэрдэ.

Елена Слепцова оҕолорун кытта быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһиҥҥэ аан бастакытын кыттыбыттар. Быйыл “Байаҕантайга” 5-с көлүөнэ оҕолор талыллан, эмиэ сахалыы, хотугу норуоттар ырыаларыгар, үҥкүүлэригэр уһуйуллуохтара.

Сэһэн түһүлгэтэ  дьону түмтэ

“Ыһыах тоҕо буоларый? Туох ис хоһооннооҕуй? Тоҕо бачча элбэх киһи баҕаран туран мустарый?” диэн ис хоһоон­ноох Сэһэн түһүлгэтигэр быйыл аан бастаан Олоҥхо ыһыаҕар анал миэстэ биэрэн, бөлөһүөктүү санаалаах дьон түмсэн санааларын атастастылар, сонун сүүрээннэри торумнаатылар. “Биһиги баҕа санаабыт – ыһыах сиэрэ-туома дьон санаатыгар, толкуйугар дьа­йыахтаах. Ол онно сыһыан­наах санаа атастаһыыта, ырытыы быйыл саҥа тэриллибит Сэһэн түһүлгэтигэр тэрилиннэ. Ыһыах успуорка күрэхтэһии, ырыа-тойук, таҥас-сап, ас күрэһин эрэ курдук буолбакка, дьоҥҥо бөлүһүөктүү санааны, ис кыаҕы эмиэ уһугуннарыахтаах, олоҕу хамсатар сонун сүүрээннэри тобуларга өйөбүл буолуохтаах” диэн бөлүһүөк, ХИФУ философияҕа факультетын сэбиэдиссэйэ, профессор Андрей Саввинов санаатын тиэртэ.

… Ити курдук Олоҥхо ыһыаҕар “аан бастаан…” диэн дьаралыктаах атын ыһыахтартан сонун уратылары  үгүстүк холобурдуу туруохха сөп.  Ол да иһин бу өрөспүүбүлүкэтээҕи суолта­лаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: