ОЛОҤХО ЫҺЫАҔА: Аммалар бурдуктарын хото амсаттылар
Улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна кини солбуйааччылара Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр, мин билэрбинэн, ыалдьыттарын үс түһүмэҕинэн сылаас үүттээх чэйи иһэ-иһэ мааны остуолларыгар санаа үллэстиитин тэрийдилэр.
Бастакы остуол – дойду киин куораттарыттан кэлбит ыалдьыттар, иккис – улуустар баһылыктара, үһүс – олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ көмөлөспүт дьон, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ. Кэрэхсэбиллээҕэ, көннөрү чэйдээһин, махтал тылларын этинии буолбакка, салгыы өрүттэр хайдах сибээстэрин быспакка үлэлэһиэхтэрин ырытыы кытта баар буолла. Олоҥхо ыһыаҕар алта улууска сырыттым да, маннык көстүүнү аан бастаан көрдүм. Онон, суруналыыс быһыытынан, мин эмиэ “аан бастаан…” диир дьоҥҥо кыттыһабын. Бастакынан Москва, Санкт-Петербург, Красноярскай курдук дойду киин куораттарыттан кэлбит учуонайдар, урбаанньыттар күндү ыалдьыттарынан буоллулар. Үгүс үтүө тыл этилиннэ, сонун торум толкуйданна. Ыалдьыттарыгар аммалар бэйэлэрэ оҥорбут күндү бэлэхтэрин туттардылар. Сувенирдары тэҥэ биир дьикти бэлэх мин болҕомтобун тарта. Ол – “Амма бурдуга“ диэн суруктаах кумааҕы бакыакка кутуллубут бурдук. Дьиктитэ баара, ол бакыакка Амма бурдугун дьааһыктан ылан, тута кутан биэрэллэр. Онон киһи маҕаһыын бурдуга диир кыаҕа суох. Бу бэлэх устуоруйата эмиэ интэриэһинэй.
Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр ханна да тиий — Амма далбар хотуттара Амма бурдугуттан алаадьылаан сырылата сылдьаллара. Мин ыһыах ыалдьыттарын Амма бурдугунан астаан алаадьынан көрсө турар далбар хотуттары анаан көрсөн кэпсэппитим;
Сып-сылаас, мип-минньигэс алаадьы амтана билигин да биллэргэ дылы…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: