ОЛОҤХО ЫҺЫАҔА: Аммалар бурдуктарын хото амсаттылар

Share

Улуус баһылыга Степан Кузьмин уонна кини солбу­йааччылара Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр, мин билэрбинэн, ыалдьыттарын үс түһүмэҕинэн сылаас үүттээх чэйи иһэ-иһэ мааны остуолларыгар санаа үллэстиитин тэрийдилэр.

Бастакы остуол – дойду киин куораттарыттан кэлбит ыалдьыттар, иккис – улуус­тар баһылыктара, үһүс – олоҥхо ыһыаҕын тэрийии­гэ көмөлөспүт дьон, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ. Кэрэхсэбиллээҕэ, көннөрү чэйдээһин, махтал тылларын этинии буолбакка, салгыы өрүттэр хайдах сибээстэрин быспакка үлэлэһиэхтэрин ырытыы кытта баар буолла. Олоҥхо ыһыаҕар алта улууска сырыттым да, маннык көстүүнү аан бас­таан көрдүм. Онон, суруналыыс быһыытынан, мин эмиэ “аан бастаан…” диир дьоҥҥо кыттыһабын. Бастакынан Москва, Санкт-Петербург, Красноярскай курдук дойду киин куораттарыттан кэлбит учуонайдар, урбаанньыттар күндү ыалдьыттарынан буоллулар. Үгүс үтүө тыл этилиннэ, сонун торум толкуйданна. Ыалдьыттарыгар аммалар бэйэлэрэ оҥорбут күндү бэлэхтэрин туттардылар. Сувенирдары тэҥэ биир дьикти бэлэх мин болҕомтобун тарта. Ол – “Амма бурдуга“  диэн суруктаах кумааҕы бакыакка кутуллубут бурдук. Дьиктитэ баара, ол бакыакка Амма бурдугун дьааһыктан ылан, тута кутан биэрэллэр. Онон киһи маҕаһыын бурдуга диир кыаҕа суох. Бу бэлэх устуоруйата эмиэ интэриэһинэй.

Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр ханна да тиий — Амма далбар хотуттара Амма бурдугуттан алаадьылаан сырылата сылдьаллара. Мин ыһыах ыалдьыттарын Амма бурдугунан астаан алаадьынан көрсө турар далбар хотуттары анаан көрсөн кэпсэппитим;

Сып-сылаас, мип-минньигэс алаадьы амтана билигин да биллэргэ дылы…

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ

2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэлээх оҕону иитэригэр эбии төлөбүр көрүллэр

Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…

40 минут ago
  • Сонуннар

Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

56 минут ago
  • Сонуннар

Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!

Бу күннэргэ Дьокуускайга  уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…

60 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

100-тэн тахса психолог түмүстэ

Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…

1 час ago