Олоҥхо ыһыаҕар 15 тыһыынчаттан тахса киһи түмсүөҕэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи XVII Олоҥхо ыһыаҕар 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт уонна кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. Сүрүн дьаһаллары тэрийэргэ уонна ыытарга 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыаҕа.
Араас куонкуруска уонна успуорт күрэхтэһиилэригэр 32 улуустан уонна куораттар уокуруктарыттан барыта 2 тыһыынчаттан тахса киһи кэлиэҕэ.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, XVII Олоҥхо бырааһынньыга бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр буолар.
Ыһыах бырааһынньыгын үгэстэринэн, сиэр-туом тэрээһиннэрэ: алгыһынан уонна кымыс иһиинэн күнү көрсүү, Алгыс, кымыһы иһии сиэрэ-туома, ыалдьыттары көрсүү буолуоҕа.
Эмиэ үгэс курдук, ыалдьыттар уонна кыттааччылар кэлиилэригэр уустар олохтоох уруудаттан тимири уһаарыахтара.
Ыһыах аһыллыытын кэмигэр Устин Нохсоров олоҥхотун матыыбынан “Дыырай Бэргэн” олоҥхонон театрализованнай дьүһүйүү көрдөрүллүөҕэ. Онтон ыһыаҕы сабыы сиэригэр-туомугар Олоҥхо тыйаатыра Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап «Куоралдьын Кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотун матыыбынан “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхо-испэктээги көрдөрүөҕэ.
Ону таһынан ыһыах ыһыллар былаһааккаларыгар Эмис сэлиэнньэтин Култуураҕа киинэ Тимофей Захаров-Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотунан “Очуллаан Чочуллаан» олоҥхо-испэктээги, Алтаннааҕы Култуура дьиэтэ (“Иэйии”) Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын Кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотунан “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхо-испэктээги туруоруохтара.
Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института “Тойон Дьаҕарыма” куукуланан олоҥхо-испэктээгэ, “”Сир симэҕэ” ансаамбыл Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» мусукаалынай хореографическай олоҥхо-испэктээгэ, “Амма чэчирэ” ырыа уонна үҥкүү этнографическай оҕо ансаамбыла «Харама Боотур уонна Амма Куо» театральнай дьүһүйүүтэ буолуохтара.
Үһүс төгүлүн ыытыллар “Олоҥхону ааҕабыт” өрөспүүбүлүкэтээҕи марафон өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин 100 бэрэстэбиитэлин күүтэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар 5 сүрүн хайысханан: олоҥхоҕо, оһуокайга, фольклорга, декоративнай-прикладной ускуустубаҕа уонна норуот уус-уран оҥоһуктарыгар, тимир ууһун маастарыстыбатыгар тэриллиэхтэрэ. Куонкурустар түмүктэринэн 19 Гран при кыайыылааҕа уонна 129 номинант быһаарыллыахтара.
Олоҥхо ассоциацията “Сэһэн түһүлгэтэ” кэпсэтии былаһааккатын, Амма улууһа “Тыыннаах дорҕоон” этно-бэстибээли тэрийиэхтэрэ.
Ыалдьыттар Амма улууһуттан төрүттээх худуоһунньуктар Николай Рязанскай, Ньургуйаана Никифорова-Ойууна уонна норуот маастара Ульяна Нохсорова тус быыстапкаларын сэҥээриэхтэрэ.
Амма улууһун маастардара РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, САССР норуодунай худуоһунньуга Михаил Носов үлэлэринэн бэлэмнэммит XVII-XX үйэтээҕи саха таҥастарын уонна киэргэллэрин көрдөрүөхтэрэ.
Ыһыах бырагырааматын чэрчитинэн “Саһыл сыһыы” түгэннэригэр анаммыт диорама аһыллыаҕа, өрөспүүбүлүкэ Национальнай архыыбын пуондатыттан олоҥхолору сыыппараҕа көһөрүү сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Бөтүҥ сэлиэнньэтигэр олоҥхо учуутал-настаабыньыга А.Д.Софроноваҕа аналлаах пааматынньык аһыллыаҕа. Ону сэргэ кэнсиэртэр, кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ сэргэхсийиини таһаарыахтара.
Успуорт бырагыраамаларыгар 11 күрэхтэһии киллэрилиннэ. Бэс ыйын 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкүтээҕи ат сүүрдүүтүн ыытыы чэрчитинэн, акка мэҥэстэн оҕунан ытыыны аан бастаан көрдөрүөхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сылтан араас улуустарга ыытыллан кэллэ. Киэҥ хабааннаах улахан бырааһынньыгы тэрийэргэ улуустарга саҥа социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базалара бөҕөргөтүллэллэр, суоллар өрөмүөннэнэллэр уо.д.а. Олоҥхо национальнай бырааһынньыга 2025 сылга Нерюнгри улууһугар ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: