Салгыы
Олоҥхо ыһыаҕар Айсен Николаев хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр сырытта

Олоҥхо ыһыаҕар Айсен Николаев хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр сырытта

21.06.2024, 18:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Олоҥхо ыһыаҕар хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр “Чарующие звуки Северного края” өрөспүүбүлкэтээҕи куонкурус ыытылынна. Куонкурус хас да хайысхалаах: норуот ырыата, остуоруйалар, үгэскэ киирбит эргиир үҥкүү.

Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит дьоҥҥо куонкурус хас биирдии кыттыылааҕа бэйэтин норуотун баай култууратын бэлэхтээтэ диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Николаев. “Эһиги – сүҥкэн улахан сири көрөн-харайан олорооччуларгыт. Биһиги ыһыахпыт бары норуоттар уопсай бырааһынньыктара буолбутуттан ис сүрэхпиттэн үөрэбин”, — диэтэ кини.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Венера Марфусалова эппитинэн, тэрээһиҥҥэ Саха сирин 19 улууһуттан 42 кыттааччы баар, ону таһынан Красноярскай кыраай Туратыттан уонна Амурскай уобаластан национальнай ансаамбыллар бааллар. “Кыттааччылар таһымнара олус үрдүк. Бу бэйэлэрин норуоттарыгар бэриниилээх, култуураларын таптыыр дьон. Амма улууһун олохтоохторо Хоту сир норуоттарын тылынан кыттыбыттарын олус астынныбыт. Болугур нэһилиэгин олохтоохторо эбээннии ыллаатылар, Чакыртан сылдьар кыысчаан эбэҥкилии ыллаата”, — диэн кэпсээтэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ.

Норуот ырыатын куонкуруһун кыайыылааҕынан Аллараа Халыматтан сылдьар Вячеслав Кемлиль буолла. Кини “Туундара уһуктуута” ырыаны кыыл-көтөр саҥатын үтүктэн, хабарҕатынан ыллаан толордо. “Мин өссө номох быһыытынан Амма сиригэр-уотугар махтанаммын 903 сыллаахха толоруллубут уонна уостан уоска бэриллэн испит ойуун ырыатын толордум. Ыччат төрөөбүт тылын, баай култууратын умнубатыгар баҕарабын“, — диэтэ Вячеслав Кемлиль уонна тэрийээччилэргэ махталын тиэртэ.

Куонкуруһу ыытарга эппиэттээх Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин “Алгыс” киин дириэктэрэ Светлана Попова кэпсииринэн, куонкурус кыттыылаахтара бэйэлэрин норуоттарын талыы-талба култууратын, кэрэтин бүүс бүтүннүү көрдөрбүттэр. Түһүлгэҕэ “Полярнай истиил” хотугу норуоттар национальнай таҥастарын көрдөрүү, Уус Маайа улууһун айар кэлэктииптэрин кэнсиэрэ буолбут. Ону кытта “Долгунча” этнофольклорнай ансаамбыл эҕэрдэлээбит.

Маны таһынан түһүлгэни хотугу норуоттар бултуур сэптэрин-сэбиргэллэрин, дьиэҕэ-уокка туттар малларын куонкуруһа, декоративнай-прикладной искусство быыстапката ыытыллан киэргэппит. Оҕолорго аналлаах “Хоту сир хаһаайына” национальнай оонньуулар буоллулар, норуот маастардара элбэх маастар-кылаастары ыыттылар диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: