Олоҥхо ыһыаҕар ат симэҕин көрдөрө Алтайтан, Тываттан кэллилэр
Тымныы оройо Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар ат симэҕин көрдөрүү быйыл бэһис төгүлүн ыытылынна.
Бу иннинэ 2015 сыллаахха Чурапчыга Олоҥхо ыһыаҕар, онтон Алтайга, Тываҕа, Казахстаҥҥа, быйыл Өймөкөөҥҥө буолла.
Эрэгийиэннээҕи тэрээһиҥҥэ быйыл Алтайтан, Тываттан — үс уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 10-тан тахса маастар кэлэн аттарын симэҕин көрдөрдө.
Саха сирин, Өймөкөөн аттарын симэҕин түһүлгэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев кэлэн көрдө-иһиттэ. Кини Дугуйдаан Винокуровтыын, Алтай, Тыва маастардарын кытары көрүстэ.
Марха олохтооҕо, Анаабыр алмаастара» хампаанньа суоппара Николай Романов-Аламай Үс Хатыҥҥа сылгыларын көрөр-истэр. Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар 9 атын көрдөрө сылдыбыт. Быйыл аны Өймөкөөн курдук ыраах сиргэ дьиэ кэргэниниин, аймахтарын кытары ох курдук оҥостон кэлбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: