Олоҥхо ыһыаҕар Дугуйдан Винокуров айаныгар анаммыт панно дьон болҕомтотун тарта

Share

Олоҥхо ыһыаҕын уус түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан уран тарбахтаах уустара кэлэн кыттыыны ыллылар. Манна «Мүрү Оһуора» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ Дугуйдан Винокуров Москваҕа айаныгар анаан «Алгыстаах айан аартыгар» кыбытыгынан тигии үлэлэрэ дьон болҕомтотун тардыан тарта.

Манна даҕатан эттэххэ, биһиги улууспут Үрүҥ Дьөһөгөй дьаралыктаах буоларбыт быһыытынан, улуус баһылыга Алексей Федотов салайааччылаах делегация Өймөкөөҥҥө кэлэн Дугуйдан ыраах айаҥҥа аттанарыгар атаарыы тэрээһинигэр кыттыыны ылбыттара. Онно өрөспүүбүлүкэҕэ, дойду тас өттүгэр биһирэммит икки бастыҥ толору ат симэхтэрин аҕалан Дугуйдан аттарыгар кэтэрдибиттэрэ.

«Мүрү Оһуора» түмсүү улуус дьаһалтатын пресс-сэкирэтээрэ Люция Бурцева Дугуйдан айаннаары турдаҕына түһэрбит, киэҥник тарҕаммыт, «Почта России» маркатын коллекциятыгар киирбит хаартыскатыгар олоҕуран, Олоҥхо ыһыаҕар анаан, панно оҥорон, дьон дьүүлүгэр таһаардылар.

Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

19 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago