Олоҥхо ыһыаҕар мас оҥоһукка бастаабыт Дмитрий Соловьев туох тус санаатын тиэртэй?
Быйыл Кыыс Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар ааттаах-суоллаах норуот маастардара бэйэлэрин үлэлэрин хотуттан-соҕурууттан тиэйэн аҕалан, хото көрдөрдүлэр.
Кинилэртэн биирдэстэрэ – Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн сылдьар улуус норуотун маастара Дмитрий Соловьев. Мас ууһа бэйэтин туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
Дьиктитэ баар, Олоҥхо ыһыаҕар аан бастакытын сылдьаат, Дмитрий Соловьев мас оҥоһуктарга бастаан, 40 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти ылбыт! Маны этэр буоллахтара, “ааһан иһэн – кыайыы” диэн.
Мас ууһа оҥоһуктарын туох мастан оҥорорун, туох дьарыктааҕын туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат» бээтинсэтээҕи нүөмэригэр «Сатабыл» рубрикатыгар «Айар куттаах мас ууһа» матырыйаалбар ааҕыҥ.
Дмитрий Соловьев өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһини олус астыммытын кэпсээн баран, «кэлэр өттүгэр Олоҥхо ыһыахтарын тэрийээччилэр учуоттаатыннар» диэн санаатын маннык тиэртэ:
Дьэ, онон, сыл аайы ыытыллар ыһыахтары тэрийээччилэр Олоҥхо ыһыаҕын кыттааччыта, мас ууһа Дмитрий Соловьев этиитин тустаах салайааччылар болҕомтоҕо ылалларыгар эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: