Олоҥхо ыһыаҕар мэдиссиинэ көмөтө тэрилиннэ
Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар мэдиссиинэ 16 биригээдэтэ, суһал көмө 3 биригээдэтэ уонна айан суолугар мэдиссиинэ пуунун 2 биригээдэтэ үлэлиэхтэрэ.
Биригээдэлэргэ мэдиссиинэ 100-тэн тахса үлэһитэ киирдэ. Ону таһынан 18 массыына, ол иһигэр 11 реанимобиль, санитарнай уонна анал көмө массыыналара, сүүрүөхтэрэ.
Онтон Саахал өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэтин киинэ ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм туруктаах.
Мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Уус Маайа улуустарын оройуоннааҕы балыыһалара эбии көмөҕө кэлиэхтэрэ. Мэдиссиинискэй реабилитация уонна успуорт мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин исписэлиистэрэ успуорт күрэхтэһиилэрэ ыытыллар кэмнэригэр миэстэтигэр баар буолуохтара.
Ону таһынан, сыстыганнаах ыарыыларга 20 куойкалаах стационар уонна Оройуоннааҕы киин балыыһаҕа эбии куойка пуондалара бэлэмнэннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: