Олоҥхо ыһыаҕар «Мэндэ Бухатыыр» олоҥхо-испэктээкили көрдөрдүлэр

Олоҥхо ыһыаҕар «Мэндэ Бухатыыр» олоҥхо-испэктээкили көрдөрдүлэр

02.07.2023, 17:40
Хаартыска: Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

От ыйын 1 күнүгэр, быйыл 16-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Мэндэ Бухатыыр» олоҥхону көрдөрдө. Айымньы ааптара — биллиилээх оҕо суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдо. Испэктээкил туруорааччы режиссера — СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец, туруорааччы худуоһунньук — СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова.

Хаартыска: Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата

«Мэндэ Бухатыыр» испэктээкили Олоҥхо ыһыаҕар оҕолорго аналлаах түһүлгэҕэ көрдөрдүлэр. Дьон-сэргэ саҥа туруорууну дуоһуйа көрдө-иһиттэ. Манна артыыстар талааннарын араас өттүттэн арыйан, чаҕылыта оонньоттулар. Ол курдук, саха уонна эбээн омук төрүт үҥкүүлэрин үҥкүүлээтилэр, олоҥхо кылыһахтаах  ырыатын-тойугун туойдулар. Маны сэргэ, бииртэн биир киһи эрэ кэрэхсиир бэртээхэй көстүүмнэринэн күлүмүрдээтилэр.

Онон, түмүккэ көрөөччүлэр бука бары ытыстарын хабыллар тыастарын бэлэхтээн, көрдөрүүнү сэргээбиттэрин уонна сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр.

Санатар буоллахха, XVI-c өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа өйүмүлээх Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр «Көмүс күрүө» комплекска от ыйын 1-2 күннэригэр буола турар.

Түгэнинэн туһанан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Мэндэ Бухатыыр» оҕо олоҥхотун ааптарын Евдокия Иринцееваны-Огдону норуот суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан литэрэтиирнэй бириэмийэни ылбытынан эҕэрдэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: