Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөн улууһун оскуолаларын выпускниктарын үтүө аахсыйалара

Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөн улууһун оскуолаларын выпускниктарын үтүө аахсыйалара

13.04.2023, 11:15
Хаартыска -- Аксинья Сивцева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэрин оскуолаларын араас сылларга бүтэрбит выпускниктар Олоҥхо ыһыаҕар анаан  бэйэлэрэ харчы кыттыһан, ыһыахха туттуллар араас наадалаах тэриллэри бэлэхтээн эрэллэр.

Ол курдук, улуус оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр  харчы кыттыһан, 400 тыһыынча сокуобайдаах  алгыс сиэрин-туомун ыытыы тэриллэрин уонна улахан чороону бэлэх уунан эрэллэр.

2002 сыллаахха Томтор орто оскуолатын бүтэрбит оҕолор  бу күннэргэ 70 тыһыынча солкуобайдаах табыгы туризм сайдыытыгар үлэлэһэр аатырбыт урбаанньыт Василий Атласовка табык оҥорторон, Олоҥхо ыһыаҕар туттарга анаан төрөөбүт улуустарыгар бэлэх ууннулар.

Оскуоланы бүтэрээччилэр үтүө саҕалааһыннарын аны 1977 сыллааххха бүтэрбиттэр  өйөөн, бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин бэлэмнии сылдьаллар.

Онон “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. “Бары түмүстэхпитинэ, барытын кыайыахпыт!” диэн Тымныы полюһун олохтоохторо кытаанах санааны ылынан, Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыга бары бүттүүн кыттыһан эрэллэр, — диэн санаатын үллэһиннэ улустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: