Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэрин оскуолаларын араас сылларга бүтэрбит выпускниктар Олоҥхо ыһыаҕар анаан бэйэлэрэ харчы кыттыһан, ыһыахха туттуллар араас наадалаах тэриллэри бэлэхтээн эрэллэр.
Ол курдук, улуус оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр харчы кыттыһан, 400 тыһыынча сокуобайдаах алгыс сиэрин-туомун ыытыы тэриллэрин уонна улахан чороону бэлэх уунан эрэллэр.
2002 сыллаахха Томтор орто оскуолатын бүтэрбит оҕолор бу күннэргэ 70 тыһыынча солкуобайдаах табыгы туризм сайдыытыгар үлэлэһэр аатырбыт урбаанньыт Василий Атласовка табык оҥорторон, Олоҥхо ыһыаҕар туттарга анаан төрөөбүт улуустарыгар бэлэх ууннулар.
Оскуоланы бүтэрээччилэр үтүө саҕалааһыннарын аны 1977 сыллааххха бүтэрбиттэр өйөөн, бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин бэлэмнии сылдьаллар.
— Онон “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. “Бары түмүстэхпитинэ, барытын кыайыахпыт!” диэн Тымныы полюһун олохтоохторо кытаанах санааны ылынан, Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыга бары бүттүүн кыттыһан эрэллэр, — диэн санаатын үллэһиннэ улустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…