Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук Маһа кэрэ да кэрэ…
Амма улууһугар ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын бар дьон болҕомтотун тардар биир саамай кэрэ көстүүлээх тутуунан Муона чараҥын ортотугар турар Аал Луук Мас буолара чахчы.
Амма улууһун Аал Луук Маһын ис хоһоонун “Уран” ХЭУо салайааччыта Вячеслав Яроев маннык билиһиннэрдэ:
— 17 м үрдүктээх Аал Луук Мас — наһаа оҕо буолбакка, эдэрчи дьахтар мөссүөнэ. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут Саха сирин кэрэтэ сардаана сибэкки – Кыыс Амманы сирэйдиир.
Оҕо эрдэхпиттэн аатырбыт худуоһунньук Михаил Носов кинигэтигэр былыргы саха тутууларын, оһуордарын-бичиктэрин уруһуйдаабытын көрөн, үөрэнэн аҕай кэллим.
Өрүү бу хартыыналары ураты тыыннаан биэрбит киһи дии саныырым. Онон кэмэ дьэ кэллэ быһылаах – быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар түгэнигэр сөп түбэһиннэрдим.
Михаил Носов аммалар бэйэлэрин киһилэрэ. Онон да буолуо, санаабыт санаам олоххо бэрт дөбөҥнүк киирдэ. Сүрүн оһуорун, ойуутун-бичигин үрдүгэр — Амма символа сардаана сибэкки. Михаил Носов уруһуйугар ол эмиэ баара. Эскииһин бэйэм майгыннатан оҥордум.
Аал Луук Мас ортотугар күн курдук улахан саарык баар. Бу сир-дойду инники кэскилэ, кэлэр кэскилэ, төрүүр-ууһуур ыччата. Күһүн, кыһын ити саарык иһин уотунан тыктаран сандаардыахтара.
Михаил Носовка итиннэ аанньаллар – кэнэҕэс кэлиэхтээх ыччат көтө сылдьаллара. Ити – сайдыы төлкөтүн ойуута.
Аны Муона чараҥар уруккута күөл баар эбит. Онон Аал Луук Маһы айылҕа бэйэтин уутун — күөлүн ортотугар дириҥ сыбаайаҕа туруордубут.
Ол атын улуустардааҕар ураты көстүүлэннэ. Ытыктыыр киһим Михаил Носов ойуутуттан идиэйэ ылан, Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук Маһын ис хоһооно итинник.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: