Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан 14 паром үлэлиэҕэ
Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан 14 паром үлэлиэҕэ.
Оттон бырааһынньык кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын тиэйиигэ үлэлиир тырааныспардары анал пропустарынан хааччыйыахтара. Кинилэр паромҥа уочарата суох киириэхтэрэ.
Бу иннинэ Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтэ сабаҕалыырынан, бэс ыйын 20-21 күннэригэр Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр элбэх тырааныспар айанныыра күүтүллэр. Манан сибээстээн, Саха сирин олохтоохторун айан сырыы кэмин эрдэ былаанныырга уонна (сарсыарданы уонна киэһэ) паромҥа тырааныспары тиэйии кэмин учуоттуурга сэрэтэллэр. Даркылаахха билигин 200 тырааныспары мунньар, онтон Аллараа Бэстээххэ 180 тырааныспары мунньар накопителлэр үлэлииллэр.
2024 сыллааҕы навигацияҕа легковой массыыналарга маннык таарыптар бигэргэммиттэрэ:
- 1,5 туоннаҕа диэри — 950 солк.;
- 1,501-2,0 туоннаҕа диэри — 1150 солк.;
- 2,001 туоннаттан 2,3 туоннаҕа диэри — 1350 солк.
- 2,301 тцоннаттан тахса — 1600 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: