2025 сылга «Олоҥхо ыһыаҕын» национальнай бырааһынньыгы ыытыыга бэлэмнэнии боппуруостарын Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар кулун тутар 27 күнүгэр, Нерюнгри куоракка дьүүллэстилэр.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан 2025 с. Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгри оройуонугар ыытыллыахтаах диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Бүгүн биһиги күн бастакы аҥарыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах сирин баран көрдүбүт. Ол түмүгэр биһиги тэрээһин ыытыллар сирэ-уота табыгастаах диэн быһаардыбыт. Бу сир инникитин туризм сайдарыгар араас тэрээһиннэри ыытарга сөптөөх диэн көрдүбүт. Оройуон сири-уоту тупсарыыга, ыраастааһыҥҥа, суолу-ииһи кэҥэтиигэ балачча киэҥ далааһыннаах үлэни былааннаабыт», — диэтэ Сергей Местников.
Нерюнгри оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Матвей Громак этэринэн, муниципальнай тэриллии кэмитиэтэ тэриллэн, түһүлгэ уонна атын даҕаны эбийиэктэр былаһааккаларын схемата быһаарыллыбыт. Нерюнгри оройуонун дэлэгээссийэтэ Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын научнай-методическай кэмпириэнсийэтигэр кыттыбыт.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев экспедиционнай култуурунай-сырдатар, методическай дьаһаллар саҕаламмыттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, номнуо Олоҥхо тыйаатыра, Опера уонна балет тыйаатыра Нерюнгри оройуонугар бара сылдьыбыттар. Салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин, «Симэх» национальнай киин, Геокултуурунай сайдыы институтун бэрэстэбиитэллэрэ бара сылдьаллара былааннанар.
Дьүүллэһии кэнниттэн тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ 2025 сылга Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмнээһинин уонна ыытыытын ороскуотун симиэтэтин судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уонна бүддьүөт таһынан үбү киллэрэн туран, дьаһаллар былааннарын бигэргэттилэр.
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар үөр бөрөлөр сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…