«Олоҥхо үйэлээх аартыга» болҕомтону тардар быыстапка
Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнэ ураты бэлиэ, умнуллубат күнүнэн буолар. Быйыл Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сылыгар далааһыннаах тэрээһин үөрүүнү, эппиэтинэһи өссө үрдэтэр.
Олоҥхо дэкээдэтэ сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 9 күнүгэр диэри өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар. Быйыл ураты сонун сүүрээнинэн олоҥхоһуттарга, оһуокайдьыттарга, уустарга Ил Дархан истипиэндьийэтин туттарыы сиэрэ-туома буолбута дьону-сэргэни улаханнык үөртэ. Маны сэргэ, сыллата өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар тэрээһин иитинэн «төгүрүк остуоллар», Олоҥхо дьиэлэрин үлэлиир уонна сайдар тосхоллорун биир кэлим ситимин тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ 10 улууһа Сөбүлэҥ түһэрисибитэ үлэ сайдлан, кэҥээн иһэрин туоһутунан буолар.
Далааһыннаах тэрээһин иитинэн, «Арассыыйа –мин историям» киэҥ уораҕайыгар «Олоҥхо ЭКСПО -2022» сэргэх тэрээһиннэр , «Олоҥхо үйэлээх аартыга» быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тардыан тардар, сөхтөрүөн сөхтөрөр. Сонургуу, кэрэхсии, сэргии көрөөччү элбэх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: