Олоҥхоһут кыыс Валерия Румянцева
Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо дэкээдэтэ ыытыллар. Бу күннэргэ улуустар нэһилиэктэрин ахсын оскуолаларага, уһуйааннарга араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Таатта лиссиэйин 4-c кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Валерия Румянцева олоҥхолуур. Кыысчааҥҥа олоҥхо умсугутуулаах эйгэтин ийэтэ үөскэппит.
Валерия уһуйаан сааһыттан олоҥхону интэриэһиргээн саҕалаабыт. Онуоха уһуйаан иитээччилэрэ Нюргуяна Ивановна Егорова, Валентина Иннокентьевна Голикова төһүү күүс буоланнар, оҕоҕо олоҥхону билиһиннэрэн кэпсээн саҕалаабыттар. Валерия биэс саастааҕар «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны сыанаҕа көрдөрөллөрүгэр, Сардаана оруолун толорон уус-уран айымньыга интэриэһэ өссө күүһүрбүт. Валерия былырыын Бэстээххэ ыытыллыбыт «Олоҥхо Кидс-2023» куонкуруска «Кэскиллээх ааҕаачы» анал аакка тиксибитэ. Итиэннэ «Ойор тэбэр оҕо саас» хоһоон ааҕыытын куонкуруһугар Гран-При хаһаайката буолбута.
Валерия Румянцева санаатын үллэһиннэ:
— Мин ийэбиниин «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны талан ааҕан саҕалаабыппыт. Олоҥхо тыллара бастаан ааҕарга уустук курдук этилэр. Ол эрээри нойосуус биир нэдиэлэнэн үөрэппитим. Олоҥхо ааҕа олороммун айымньы иһигэр туох буола турарын өйдүүрүм. Бастаан олоҥхо куонкуруһугар онлайн кыттыбытым. Долгуйбутум, тылларбар кыратык иҥнэн ылбытым. Оттон билигин тиэкиспин өйбөр кытаанахтык тута сылдьабын. Олоҥхоһуттар курдук илиилэрбин холбуу тутан тобукпар ууран, атахпын кириэстии бырахтым да, олоҥхом тыла-өһө өйбөр тута кэлэр. Олоҥхо наһаа умсугутуулаах, ордук дьон сэргээн иһиттэҕинэ, тылым-өһүм өссө аһылларга дылы буолар.
Уһуйаан кэнниттэн Варвара Егоровна Богатырева салайан дьарыктыыра. Онтон кини куоракка көһөн барбытын кэнниттэн олоҥхоһут Альберт Владимирович Шестаковка дьарыктанан саҕалаабытым. Олоҥхонон нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ дьарыктанабын. Ол эрээри дьиэбэр иллэҥ буоллум да, үгүстүк үөрэтэбин. Уһуйааччыларым уонна ийэм наһаа кыһаллаллар. Олоҥхолуур таҥаспын-саппын барытын ийэм дьүөгэтэ иистэнньэҥ, дизайнер Сусанна Андреевна Соломонова тигэр.
Олоҥхом ситиһиилэрин туһунан кэпсиир буоллахха, аан маҥнай Уус Алдан Бороҕонугар С.С.Васильев-Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону толоруу куонкуруһугар кыттыбытым. Манна үһүс үрдэлгэ тиксибитим. Ити кэннэ «Табаахырап ааҕыылара» диэн оҕолорго аналлаах олоҥхону толоруу куонкуруһугар кыттан 1-кы үрдэл, Өймөкөөн улууһугар ытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын көрсө «Ийэ тыл илгэтинэн -2023» диэн олоҥхону толоруу куонкуруһугар бастакы истиэпэннээх дипломҥа тиксибитим. Былырыын үһүс кылааска «Олоҥхо оҕолорго» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ — анал аат, «Мин дойдум — Олоҥхо дойдута» диэн улуустааҕы күрэҕэр бастакы миэстэни ылбытым. Маны сэргэ М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата тэрийбит «Мин дойдум — Олоҥхо дойдута» улуустааҕы куонкуруһугар биирдиилээн толорууга бастаабытым. Быйыл М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах «Олоҥхоһут кыыс» күрэххэ үһүс үрдэлгэ тахсыбытым.
Маны таһынан успуордунан эмиэ дьарыктанабын. Сүүрэбин, хайыһардыыбын уонна муусука оскуолатыгар үҥкүүнэн дьарыктанабын. Быйыл «Кылыыҥкай» диэн ансаамбылга киирдим. «Северные ритмы» диэн ахсынньы ыйга ыытыллыахтаах куонкуруска Дьокуускайга кытта киириэхтээхпит. Манна дьиэрэҥкэй уонна татаардар үҥкүүлэрин үөрэтэ сылдьабыт. Салайааччыларбыт Иванова Розалия Михайловна, Ефимова Анастасия Михайловна буолаллар. Оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэбин. Бириэмэбин сөпкө аттарынарга кыһаллабын. Учууталым Айыллаана Алексеевна Жиркова диэн. Биһиги кинини наһаа сөбүлүүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: