Олоҥхолуохха уонна муҥхалыахха

Олоҥхолуохха уонна муҥхалыахха

Ааптар:
14.11.2022, 09:30
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун  баһылыга Анатолий Григорьев уонна аҕалар түмсүүлэрин көҕүлээһиннэринэн, Олоҥхо муҥхата бу күннэргэ  Аллыҥа нэһилиэгэр ыытылынна. 

Көчүй диэн улахан күөлгэ оскуола оҕолоро уонна муҥханы таптааччылар —  барыта 260-ча киһи муһунна. Сарсыарда 9 чаастан хара киэһээҥҥэ диэри оҕолор муҥха ньыматын, араас албастарын сэргии көрдүлэр, үлэ көрүҥэр барытыгар холоннулар.  Онон үүнэр көлүөнэни төрүт үгэскэ сыһыаран, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун тутуһалларыгар үөрүйэҕи иҥэрэн бэрт тэрээһин буолла.

Барыта 3 муҥха түстэ. Ол аата Көчүй күөлэ улаханын туоһулуур. Балыгы күрүчүөктүү үүрэн киллэрэн, 21 куул балыгы ыллылар. Күөх боллох бэлэҕэ хас биирдии киһиэхэ тиксэн, сахалыы сэмэйдик үөрдүбүт, астынныбыт.

Ону тэҥэ култуура эйгэтин үлэһиттэрэ Аллыҥа кулуубугар олоҥхолоон доллоһуттулар. Оҕолор сыалы ытыы, маһы эрбэтии курдук күрэхтэргэ кииристилэр.

Дьаархан фермерэ Василий Васильев биир атах эти спонсордаан, кулуһуҥҥа сибиэһэй миин, соркуой, плов курдук аһы Аллыҥа асчыттара астаан күндүлээтилэр.

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс- сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: