Салгыы
Олоҥхону чинчийиигэ анаммыт олох

Олоҥхону чинчийиигэ анаммыт олох

Ааптар:
13.11.2022, 18:36
Бөлөххө киир:

 Олоҥхо күнүн көрсө уонна саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын иккис сийиэһин иннинэ олоҕун олоҥхону чинчийиигэ уонна оскуолаҕа үөрэтиигэ анаабыт үөлээннээхпит Нина Игнатьевна Филиппова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Истипиэндьийээт, аспыраан, ийэ, учуонай

Нина Игнатьевна Дьааҥы оройуонугар Верхоянскай куоракка алтынньы 27 күнүгэр 1946 с.
сулууспалаах ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ кини букатын кыратыгар өлбүт, онон убайа Сахаардыын аҥаардас аҕа оҕото буолбуттар. Аҕалара Игнатий Васильевич эмиэ үс кыыстаах аҥардас хаалбыт Ульяна Афанасьевна Слепцованы кытта сүбэлэрин холбоон, биэс оҕолоох ыал буол­буттар. Аҕаларын – оро­йуон экэниэмикэтин сала­йан олорбут киһини – Сартаҥҥа бөдөҥсүйбүт холкуос бэрэссэдээтэлинэн ыыталлар. Онон Нина ойор-тэбэр оҕо сааһа онно ааһар, сэттэ кылаас­таах оскуоланы сити­һиилээхтик бүтэрэн, орто ос­­куолаҕа Верхоянскайга үөрэнэр. Орто оскуоланы бүтэрэн,  Сартаҥҥа начаалынай кы­­лаас учууталынан үлэлиир. Онтон Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтигэр саха салаатыгар үөрэнэ киирэр.

Туйгуннук үөрэнэр, уоп­сай-хомсомуол үлэтигэр көхтөөх, билимҥэ ситиһиилээхтик дьарыктанар бакылтыат биир бастыҥ устудьуона Нина Слепцова М.К.Аммосов аатынан Обкомол бастакы истипиэндьийээтэ буолар. Нина бэрэ­пиэссэр Н.К.Антонов салалтатынан былыргы түүр тылынан дьарыктанар итиэннэ Д.С. Макаров уонна М.А.Черосов тэрийбит олоҥхо куруһуогар сылдьар.

Үөрэҕин кыһыл дьупулуомунан бүтэрэр, онон Новосибирскай куоракка, анаан, бэрэпиэссэр Е.И.Убрятова салалтатынан аспырантыыраҕа үөрэттэрэ ыыталлар. Онно аспырантыыраҕа салайааччыта, бэрэпиэссэр Е.И.Убрятова олоҥхо эргэрбит тылын үөрэттэрэр уонна чопчулаан, “Олоҥхо бэрсэнээстэрин ааттарын” чинчийэр соругу туруорар. Бэйэтэ былыргы түүр тылын үөрэтэр, В.М.Наделяев монгуол тылын анал кууруһугар сырытыннарар. Аны омук тылыгар ааҥгылыйа тылын сэргэ ньиэмэс тылынан дьарыктанарга соруйар. Биһиги үөрэнэ сырыттахпытына, бу чулуу учуонайдар кэлэн, лиэксийэ ааҕан барбыттара.

Аспыраан Нина Слепцова кини кэнниттэн эмиэ М.К.Ам­мосов   истипиэндьи­йээтэ буол­бут устудьуон уолга, Филип­пов Гаврилга, кэргэн тахсар уонна аспырантыыратын бастакы сылын каникулугар бастакы уолун Игнаты, иккис кууруһугар иккис уолун Ганяны уонна академ ылбыт төрдүс сылыгар Айыына диэн кыыс оҕолонор. Ол да буол­лар, аспырантыыратын үөрэҕин 1974 с. ситиһиилээхтик түмүктүүр. “Собственные имена персонажей в якутском олонхо: структура и семантика” диэн диссэр­тээссийэтин кэлин хойутаан, 1999 с. көмүскүүр.

Бу үлэтэ 2016 кинигэ буолан тахсыбыта. Саха тылын үөрэҕэр аан бастакынан олоҥхо бэрсэ­нээстэрин ааттарын кэлимник лингибиистии быһаарыы бэриллибитэ. Онно олоҥхо бэрсэнээстэрин ааттарын үөскүүр айылҕата, ааты иҥэрии уонна аат тутула үс састааптааҕа (эпиитэтэ, аата, ааты быһаарыы) чопчуламмыта. Бу үлэ түүр тылын үөрэҕэр ээпэс бэрсэнээстэрин аатын чинчийиигэ сонун көстүү быһыытынан сыаналаммыта.

Нина Игнатьевна аспырантыыраҕа үөрэнэр үс сылыгар үс оҕоломмута Академгородокка бэрт хойукка диэри уос номоҕо буола сылдьыбыта уонна кини ситиһиитин хатылаабыт да, куоһарбыт да баара иһиллибэт.

Нина Игнатьевна аспыраанныыр кэмигэр Тылгыны 8 кы­­лаастаах оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ,  салгыы онно үлэлээн баран, 1975 сылтан НОҮССБ балыс сотруднигынан үлэлии киирбитэ уонна сүрүннүүр сотруднигынан 2019 с. биэнси­йэҕэ тахсыар диэри айымньы­лаахтык үлэлээбитэ.

Национальнай оскуола үнүстүүтүгэр

Национальнай оскуола үнүс­түүтүгэр үлэлиир сылларыгар оҕону төрөөбүт тылга, болкулуорга тапталы иҥэрэр сорук­таах араас босуобуйалары, кинигэлэри хото оҥоруста. 1978 сылтан Н.А.Габышевы кытта оҥорбут “Төрөөбүт саҥабыт” (3-с кыл.) учуо­бунньугуттан саҕалаан ааҕыыга, литератураны үөрэтиигэ үгүс учуобунньуктар ааптардара буолар. Мэтиэдьикэҕэ маҥнайгы босуобуйата: “Олоҥхону оскуолаҕа үөрэтии” 1981 с. тахсыбыта.

Бу босуобуйа саха литэрэ­тиирэтин уруоктарыгар олоҥхону үөрэтиигэ бастакы анал­лаах үөрэх кинигэтэ буолар. Манна ханнык кылааска хайа олоҥхолору үөрэтиллэрэ чопчуламмыта. Олоҥхону үөрэтии мэтиэдьикэтигэр бастакы систиэмэлэммит босуобуйа буоларынан кини суол­тата олоҥхо мэтиэдьикэтин сайдыытыгар көдьүүһэ билигин да өлбөөдүйбэт.

Ити кэмтэн ыла кини бэйэтин уонна кыттыгас 240 билим-чинчийэр мэтиэдьикэлии уонна популярнай үлэлэрэ бэчээттэнэн таҕыстылар. Олоҥхо тылын чинчи­йиигэ уонна оскуолаҕа үөрэтиигэ Нина Игнатьевна үгүс кинигэни оҥоруста. Олортон биир суол­талаахтарынан буолар: “Олоҥхо уран тыла: ойуулаах тылдьыт” (ааптардар бөлөхтөрө. Эппиэттээх эрэдээктэр Н.И.Филиппова). Ойуулаах тылдьыкка киирбит халбаҥнаабат пуормулалар, уус-уран быһаарыылар, сомоҕо тыллар саха омугун төрүт култууратын, сиэрин-майгытын, үгэстэрин, үйэлэргэ мунньубут өйүн-санаатын сөҥөрдөн көрдөрөллөр.

Олоҥхо оҕону иитиигэ суолтата

Олоҥхо оҕону, ыччаты иитии­гэ суолтата, оруола кэлиҥҥи кэмҥэ анаан үөрэтиллэр буолла. Ол быһыытынан олоҥхо норуот бэдэгиэгикэтин төрдө буолар диэн санаанан салайтаран, моногурааппыйа суруллубут. Онон бу 2010 с. тахсыбыт “Олоҥхо педагогикатын төрүттэрэ” (Е.П.Чехордуна, Н.И.Филиппова, Д.Г.Ефимова, Н.П.Карпова) кинигэ оҕону иитиигэ улахан көдьүүстээх буолара саарбахтаммат.

2016 с. бу ааптардар “Олоҥхо бэдэгиэгикэтэ” диэн моногурааппыйа суруйбуттара. Нина Игнатьевна Е.П.Чехордунаны кытта өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхо бэдэгиэгикэтигэр олоҕурбут ээтинэбэдэгиэгикэ систиэмэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ буолаллар.

Нина Игнатьевна У.М Фле­гонтованы кытта “Айыы бухатыыра” диэн икки чаастаах ааҕар кинигэ; Д.Г.Ефимованы кытта “Олоҥхо уран тыла”, “Оҕо уонна олоҥхо” кинигэлэри (оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитээччилэргэ) оҥорбуттара; Борисов Ю.П, Габышев В.Н., Флегонтова У.М. кытта “Олоҥхо утума үөрэх эйгэтигэр” диэн аналлаах баасаны түмтүлэр уонна “Олоҥхо тыла” диэн элэктириэн босуобуйаны оҥорбуттара.

Нина Игнатьевна чинчийэр үлэни үөрэх үлэтин кытта ыкса дьүөрэлиирэ. 1986-2008 сс. Үрдүк үөрэх утумугар Бэдэгигикэ бакылтыатын, Саха тылын уонна култууратын бакылтыатын, Хотугулуу-Илиҥҥи омуктар тылларын, култуураларын үнүстүүтүн кытта бииргэ үлэлээбитэ. Киирии эк­­сээмэннэргэ кыттарын сэргэ “Сахалыы оҕо литэрэтиирэтэ”, “Саха тылын лиэксикэтэ”, “Болкулуор тыла”, “Олоҥхо тыла” диэн анал куурустары аахпыта, устудьуоннар дьупулуом ылар үлэлэрин салайбыта.

Нина Игнатьевна үлэтин сүнньүнэн, үөрэтэр-мэтиэдьикэлии босуобуйалар ааптардарын өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуус­тааҕы кэмпириэнсийэлэригэр, өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар аналлаах билим-мэтиэ­дьикэлии куурустарга, пуорумнарга, сэминээрдэргэ лиэктэр быһыытынан кыттар, тылын-өһүн тиэрдэр. Биир оннук дьаһалга биһиги Муомабытыгар тиийэ сылдьан, билиитин-көрүүтүн таһымынан сэминээр кыттыылаахтарын улахан биһирэбили ылбыта, таарыйа, биһиги көлүөнэ дьону үөһэ туппута.

Нина Игнатьевна төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни уонна болкулуору үөрэтиигэ уопуту тарҕатар соруктаах өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыгар, ону сэргэ Казахстааҥҥа, Кыргыстааҥҥа, Туубаҕа тиийэ сылдьыталаабыта. Үөрэтэр-мэтиэдьикэлии бо­­суобуйалар ааптардарын быһыытынан Москубаҕа, Уркуускайга үрдүк таһымнаах сэминээрдэргэ кыттыбыта. 2006-2014 сс. “Иитии кыһата” билим-мэтиэдьикэлии сурунаал таһаарааччы эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.

Олоҕун анаабыт үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, Н.И.Филиппова бүгүн “РФСР үөрэҕириитин туйгуна”, “СӨ норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ”, “С.А.Новгородов аатынан өрөспүүбүкүлэтээҕи бириэмийэ” лауреата, “Учууталлар учууталлара”, “СӨ билим сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэлээх.

Кэргэнэ Г.Г.Филипповтыын түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннаран күүрээннээх олох үөһүгэр киллэрдилэр. Бүгүн оҕолоро: Игнатий Гаврильевич (1971) Бүлүү улууһугар Тылгыныга география учуутала, Гаврил Гаврильевич (1972) – зоотехник, Сахаплемхолбоһук сотруднига, Айыына Гаврильевна (1974) – психолог, Ирина Гаврильевна (1978) – филолог, тылбаасчыт. Бары кэргэннээхтэр. Үөлээннээхтэрбит 9 сиэннээхтэр, 3 хос сиэннээхтэр.

Маннык дьоһун үлэлээх-­олохтоох, олоҕун олоҥхону чинчи­йиигэ уонна оскуолаҕа үөрэтиигэ анаабыт үөлээннээхпит Нина Игнатьевна үлэтиттэн тох­тоон төһө да биэнсийэҕэ олордор, олоҥхо күнүн уонна саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын иккис сийиэһин кэрэхсии кэтиир.

Сахабыт баай мандар­даах олоҥхотун кистэлэҥ киэлитин арыйарга олоҕун анаабыт, сахабыт омугун биир ураты дьоҕурдаах, бэриниилээх чинчийээччитигэр Нина Игнатьевнаҕа үтүө доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарыаҕыҥ!

Раиса Былбанаева.

Муома.

Ааптар тыла-өһө уларыппакка бэчээттэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: