Олоҥхо ыһыаҕа: Амма бэтэрээннэрэ 200-тэн тахса олбох бэлэхтээтилэр
Быйыл 17‑с төгүлүн Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһун маанылаах сиригэр-уотугар ыытылларыгар диэри 8 күн хаалла.
Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии уонна ыытыы тэрээһиннэрин чэрчитинэн Амма улууһун Үһүс саас оскуола бэтэрээннэрэ улуус дьаһалтатыгар 200-тэн тахса олбох тигэн туттардылар.
Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын началынньыга Иван Иванов уонна Амма улууһун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай ыһыаҕы ыытыыга боччумнаах кылааты киллэрбит дьоҥҥо-сэргэҕэ барҕа махталларын биллэрдилэр. Степан Кузьмин бэлиэтээбитинэн, билигин сааһыттан тутулуга суох улуус хас биирдии олохтооҕо Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар.
«Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэни номнуо былырыын саҕалаабыппыт. Бастаан утаа чаппараахтары тигэргэ былааннаабыппыт эрээри, бүтэһик уһугар олбох тигэргэ быһаарыммыппыт. «Тускул» муниципальнай бырагыраама иһинэн үп- харчы көрүнэн, ол суотугар матырыйааллары атыыласпыппыт. Ол кэннэ тигиллиэхтээх олбох ахсаанын нэһилиэктэринэн үллэстибиппит. Онон ким да туора туран хаалбата. Бу үлэҕэ бары ис дууһаларын ураан туран, бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр диэхпин сөп. Ол курдук, барыта 240 устуука олбоҕу бэлэмнээтибит. Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин», — диэн Амма улууһун Үһүс саас оскуола салайааччыта Наталья Дьячковская кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: