Олоҥхо ыһыаҕа: Амма бэтэрээннэрэ 200-тэн тахса олбох бэлэхтээтилэр

Share

Быйыл 17‑с төгүлүн Олоҥхо  ыһыаҕа Амма улууһун маанылаах сиригэр-уотугар ыытылларыгар диэри 8 күн хаалла.

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии уонна ыытыы тэрээһиннэрин чэрчитинэн Амма улууһун Үһүс саас оскуола бэтэрээннэрэ улуус дьаһалтатыгар 200-тэн тахса олбох тигэн туттардылар.

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын началынньыга Иван Иванов уонна Амма улууһун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай ыһыаҕы ыытыыга боччумнаах кылааты киллэрбит дьоҥҥо-сэргэҕэ барҕа махталларын биллэрдилэр. Степан Кузьмин бэлиэтээбитинэн, билигин сааһыттан тутулуга суох улуус хас биирдии олохтооҕо Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар.

«Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэни номнуо былырыын саҕалаабыппыт. Бастаан утаа чаппараахтары тигэргэ былааннаабыппыт эрээри, бүтэһик уһугар олбох тигэргэ быһаарыммыппыт. «Тускул» муниципальнай бырагыраама иһинэн үп- харчы көрүнэн, ол суотугар матырыйааллары атыыласпыппыт. Ол кэннэ тигиллиэхтээх олбох ахсаанын нэһилиэктэринэн үллэстибиппит. Онон ким да туора туран хаалбата. Бу үлэҕэ бары ис дууһаларын ураан туран, бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр диэхпин сөп. Ол курдук, барыта 240 устуука  олбоҕу бэлэмнээтибит. Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин», — диэн Амма улууһун Үһүс саас оскуола салайааччыта Наталья Дьячковская кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Бүгүн   «Вместе с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, "Россия 24" телеханаалга   19:00 чаастан   ГТРК "Саха"  анал бырайыагын -  "Вместе…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Лев Павлов — «2024 сыл бастыҥ спорстмена»

Арассыыйа успуордун  маастара, 2024 сыллааҕы Арассыыйа чөмпүйүөнээтин үрүҥ көмүс призера,  Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду первенствотын…

17 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago