Олорбут кэмин урутаан испит киһи

Share

П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сыла туолуутугар

“Человек, опередивший свое время» диэн П.Х. Староватов туһунан кинигэм 2019 сыллаахха бэчээттэммитэ. Ити кинигэни билиһиннэриилэри Дьокуускайга, Бүлүүгэ уонна Сунтаар Элгээйитигэр оҥорбуппут.

Ол көрсүһүүлэргэ 150-тан тахса киһи кэлэн кыттыыны ылбыта дьон-сэргэ кэрэхсээ­битин көрдөрөр. Онно тыл эппит дьоннор санааларын түмэн Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар туһаа­йыы (обращение) оҥорон куоластаа­һын тэрийбиппит. Ону барытын түмэн Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ В.М. Прокопьевынан
А.С. Николаевка анал сурук оҥорторон киллэрбиппит.

Петя Староватов 1873 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Дьокуускайга дьадаҥы казак дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
«…Родственники умерли, и я бедствовал. Были случаи, что я буквально голодал. Учился в Якутской прогимназии, преобразованной в реальное училище…» диэн автобиографиятыгар суруйбута баар. Учуонай-устуорук В.И.Пестерев: «Осиро­тевшему юноше приходилось жить и учиться очень трудно: голодал, рубил дрова, пас коней, учил ребят за один пирожок в день» диэн суруйбута эмиэ баар.

Дьэ, ити түмүгэр Айсен Сергеевич тута, 2020 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр «О 150-летии со дня рождения П.Х. Староватова» диэн дьаһал таһаарбыта, бырабыыталыстыба ити үбүлүөйү ыытарыгар анал хамыыһыйа тэрийбитэ уонна ити дьаһалын тус бэйэтин хонтуруолугар ыларын туһунан бэлиэтээһин оҥорбута.

Онон, быйыл бэс ыйын 24 күнүгэр Саха сириттэн аан бастакынан Үлэ Дьоруойа диэн үрдүк ааты ылар чиэстэммит П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылын туолар.

Аҕабыыттыын айдаарсыбыта Бүлүүгэ тириэрдибитэ

Петя Староватов 1873 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Дьокуускайга дьадаҥы казак дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
«…Родственники умерли, и я бедствовал. Были случаи, что я буквально голодал. Учился в Якутской прогимназии, преобразованной в реальное училище…» диэн автобиографиятыгар суруйбута баар. Учуонай-устуорук В.И.Пестерев: «Осиро­тевшему юноше приходилось жить и учиться очень трудно: голодал, рубил дрова, пас коней, учил ребят за один пирожок в день» диэн суруйбута эмиэ баар.

Алта кылаастаах реальнай училищены 1892 сыллаахха бүтэрэн баран, Староватов Боотуруускай улууһугар Чурапчыга учууталынан ананан тахсыбыта. Онно биир сыл үлэлээбитэ, ол эрээри, олоҕу саҥатык-сонуннук көрөр учуутал олохтоох аҕабыты кытта уопсай тылы булбатахтарын түмүгэр төннөн кэлбитэ. Саха сирин күбүрүнээтэрэ В.Н. Скрипицын дьаһалынан 1893 сыллаахха эдэр учууталы Бүлүү куоракка учууталынан ыыталлар. Оччолорго ( 1901 с.) «Восточное обозрение» диэн Иркутскай куорат хаһыата маннык суруйбут: «Лучшей школой в настоящее время в Вилюйском округе нужно признать казачьо школу в Вилюйске. Этим она всецело обязана нынешнему учителю П.Х. Староватову… Он добросовестно относится к своим обязанностям. Его система преподавания и отношение к ученикам чужды формализма и казенщины». (Из истории Вилюйской средней школы № 1 им. Г.И.Чиряева)

Саха сирин биир ыраах, суола-ииһэ, ханнык да сибээһэ суох түбэтигэр бүгэн олорон, бэйэтэ дьарыктанан, араас литэрэтиирэни булан, сир баа­йын көрдүүр, сабаҕалыыр учуо­най-чинчийээччи буолар таһымҥа тиийбитэ. Ити түмүгэр Саха сирин, Арассыыйа, Сойуус араас учуонайдарыгар, тэрилтэлэригэр, бырабыыталыстыбаҕа тиийэ Бүлүү өрүс сүнньүгэр гаастаах, ньиэптээх, көмүстээх, алмаастаах, чохтоох, туустаах, о.д.а. сирдэри булбутун туһунан биллэрэн, олорго эспэдьииссийэлэри ыҥыран, ол эспэдьииссийэлэри кытта сылдьыһан, бэйэтэ үөрэтэр оҕолорун кытыннаран чинчи­йэн, булчуттар, төрүт олох­тоох дьоннор, ойууннар, айанньыттар сэһэннэрин түмэн, билигин биллэр сиртэн хостонор баайбытын барытын даҕаны түөрүйэлээһин арыйыыларын оҥорбут.

Ол курдук, Бүлүү өрүс сүнньүгэр булуллар көмүһү хантан эрэ үөһэттэн сүүрүк аҕалар көмүһэ диэн быһааралларын П.Х. Староватов бэрт өр туруулаһан, геологическай матырыйаал бөҕөнү ыытан дакаастаан, 1939 сыллаахха эрэ «Союзникельоловоразведка» хонтуоратын билиниитин ылары ситиспитэ. «Россов­нарком геологияҕа дьыалаларын кэмитиэтигэр ньиэп уонна гаас баарын туһунан матыры­йааллар миэхэ 1894-1895 сыллардаахтан бааллар» диэн 1943 сыллаахха суруйбут.

Өссө 30-с сылларга ньиэптээхпитин, гаастаахпытын, алмаастаахпытын ыйбыта

Биллэрин курдук, Бүлүү өрүс сүнньүттэн чугас Таас Тумус диэн сиргэ 1956 сыл алтынньы 15 күнүгэр баай саппаастаах айылҕа гааһа булуллубута. 1934 сыллаахха «Разведка недр» диэн сурунаалга «О возможности выступления нефти в Усть-Кутском и Жиганском районах» диэн ыстатыйаны бэчээттэппит. Ити кэнниттэн 28 сыл буолан баран кини ыйбыт сирдэриттэн чугас Марково диэн Иркутскай уобалас сэлиэнньэтигэр сууккаҕа 1000 туонна ньиэби биэрэр кыахтаах фонтаны өрө тэптэрэн таһаарбыттара. Оттон П.Х. Староватов ыйбыт сирдэригэр, дьэ, билигин Саха сирин ньиэбин бырамыысыланнаһын сайдыытын саҕалаан эрэбит.

Маннык улахан чинчи­йээччи алмаас курдук күндү тааһы көрдүүртэн туора хаампатаҕа чахчы. Кини ити туһунан, «Иккис олус сыаналаахтар» тустарынан 1936 сыллаахха «Советское краеведение» 6-с №-гэр бэчээттэппит «Минеральные богатства бассейна р. Вилюя» диэн ыстаты­йатыгар суруйбут. Оччотооҕуга «алмаас» диэн тылы, өйдөбүлү улахан кистэлэҥҥэ тутуллар эбит, ол эрээри, докумуоннарга көстөрүнэн, П.Х. Староватов бу дьыаланан элбэхтик дьарыктаммыт. Биллэрин курдук, 1954 сыллаахха «Зарница» туруупка, онтон «Мир», «Удачнай» курдук аан дойдуга уһулуччу суолталаах алмаас­таах сирдэр булуллубуттара. Алмааһы булуу устуо­руйатын туһунан литератураҕа П.Х. Староватов аата бэрт өр кэмҥэ киллэриллибэккэ сылдьыбыта. Арай 1973 сыллаахха, кини төрөөбүгэ 100 сыла туолуутун өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэ­тиир кэмҥэ булуллубуг 61,10 карат ыйааһыннаах ювелирнай алмаас кристалыгар «Краевед Староватов» диэн аат иҥэриллибитэ.

П.Х. Староватов гуһунан 1966 сыллаахха М.А. Кротов «Вилюйский краевед» диэн уочаркаларын кинигэтэ тахсыбыга. 1975 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбит Киин архыыбын үлэһиггэрэ «Краевед
П.Х. Староватов» диэн геология­ҕа сыһыаннаах докумуоннар хомуурунньуктарын бэчээттэппиттэрэ, 1990 сыллаахха суру­йааччы Николай Якутскай «Үтүө умнуллубат» диэн кинигэтигэр П.Х.Староватов туһунан «Аата – алмааска» диэн сэһэнэ киллэ- риллибитэ. Итини таһынан, бу уһулуччулаах киһи туһунан хаһыаттарга бэрт үгүс ыстатыйалар бэчээттэммиттэрэ.

Дьэ, онон, мин ааҕааччыларбар оннук айылаах саҥаны, сонуну булан тириэрдэргэ улаханнык дьулуспакка, бу Сахабыт сирин дьоһун­наах дьонноруттан биирдэстэрин гөрөөбүтэ 150 сылын туолуутунан сибээстээн, дьоҕус бэлиэ­тээһиннэри түмэн оҥорорго соруннум. Хаһыат кээмэ­йинэн дьоҕус ыстатыйаҕа элбэх түгэн хабыллыбат. Ол иһин, оччоҕо да, баччаҕа да олох мүччүрүйбэт охсуһуутун туруулаһан, кыайдахха эрэ түмүктэр кэлэл­лэрин чорботон бэлиэ­тиир уонна П.Х. Староватов алмаа­һы булууга чахчы улахан үтүөлээҕин туоһулуур саҥа докумуоннар көстүбүттэрин билиһиннэрэр баҕа баар.

Боростуой норуот билинэрэ, сыаналыыра

«Аҕам миигин оскуолаҕа аан бастаан барарбар атаара туран: «Дьэ, тукаам, элбэх да элбэх билиилээх киһи буолаар. Баҕар, ити мас курдук умайар күрбэ тааһы, түүҥҥү да хараҥаны сырдатар күн тааһын булбут, сири курдары көрөр ааттаах киһи курдук учуутал буолуоҥ», – диэхтээбитэ. Оччолорго миэхэ билии, өй күүһэ диэҥҥэ умсугуйуу аан бастаан кыым буолан саҕыллыбыта», – диэн бэлиэтээбит эбит кэлин суруйааччы буолбут И.К. Данилов. Тыа сирин борос­туой дьоно итинник улаханнык сыаналыыр киһилэригэр П.Х. Староватовка туох дьиктини, өйдөммөтү көрбүттэрин, булбуттарын барытын кэпсии, аҕалан биэрэ сылдьаахтаабыттар эбит.

1933 сыллаахха Жигалово сэлиэнньэ олохтоохторо – үс киһи дириҥ оҥкучаҕы хаһа сылдьыбыт. Лаппа дириҥник хаһан, сынньанан баран, оҥкучахха бастаан чугаһаабыт киһи иһирдьэ сууллан түспүт, иккис киһи туох буолла диэн доҕорун кэнниттэн түһэн баран тахсыбатах. Үһүс киһи түһэн иһэн сүрдээх ыарахан сыт кэлэрин билэн, нэһиилэ төннөн тахсыбыт. Ити курдук ханна ума­йар уу баарын, ханна кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга тоҥмот көлүйэлэр, үрэхтэр баалларын, солуурчахха сыстан баран арахпат салыҥ курдук убаҕас көстөрүн кэпсииллэр эбит.

«Притоки Вилюя и их значение» диэн 1939 сыллаахха суруллубут олус элбэх дакаас­табыллардаах үлэтэ Өҥнөөх металлургия народнай комиссариатынан эргийэн, Бүтүн Сойуустааҕы геологическай пуондаҕа киэҥник туһанылларга диэн бэриллибит. Онно Марха өрүскэ баар Сымардаах Арыы диэн сиргэ хараҥа бороҥ өҥнөөх дьикти убаҕас баарын кэпсииллэрин туһунан суруйбут. Ол туһунан Староватовка 1890-с сыллардаахха биир эбээн кэпсээбит, ону кэлин атыыһыттар ааҕыннара бигэргэппиттэр. Уонна биир ойуун оҕонньор ол убаҕаһы кыырар кэмигэр уматан Айыы уотун таһаарабын диэн дьоҥҥо итэҕэтэрин туһунан кэпсээбит.

Биирдэ саас Бүлүү куораттан икки биэрэстэлээх өрүс арыытыгар уу анныттан гаас тахса турарын көрөн, бытыылканы тоһуйан ылбыт уонна ону тымтыгынан умаппыта, кыра эстии тахсыбыт. Нөҥүө күнүгэр педтехникум учууталын Вычужанины кытта кэлэн, бытыылкаҕа хомуйан, бу гаас метан буоларын быһаарбыттар.

Чуона үрэх туһунан суру­йарыгар Элгээйигэ учууталлыы сырыттаҕына, Иванов диэн үөрэнээччитэ кварц икки тооромоһун аҕалбытын, атыылас диэбитин туһунан ахтар. Биһиги киһибит «үөрэнээччибиттэн ылыам дуо» диэн кыбыс­тан ылбатах. Ол иһин биэлсэр Перфильев диэн киһиэ­хэ атыылаабыттар. Ол кварц­тартан бииригэр көмүс тымыра, бииригэр никель баара эбитэ үһү.

1939 сыллаахха «Союзни­кельоловоразведкаҕа» ыыппыт суругар Бүлүү өрүскэ көмүс үөскээбит төрүт сирдэрэ баалларын туһунан 20-тэн тахса сыл дакаастыы сатаабытын ким да сэҥээрбэтин туһунан суруйар. Кылгас кэмҥэ кэлэ сылдьыбыт Фришенфельд, Алдан инженердэрэ Андрианов уонна Иванов эргэрбит сибидиэнньэлэргэ олоҕуралларын дакаастыыр. Староватов быһаа­рарынан, Бүлүү өрүскэ бэйэтигэр, кырдьык, көмүһү сүүрүк аҕаларын, оттон киниэхэ түһэр үөһээ үрэхтэргэ көмүс үөскээбит төрүт сирдэрэ баалларын туһунан суруйар. Кини 1935 сыллаахтан Дьокуускайга араас ыстатыйалары, эспэнээттэри, чертежтары ыыталыыра сүтэн-оһон, уоруллан иһэрин туһунан кэпсиир. Хата, ол сирдэргэ сүүһүнэн көмүһү көрдөөччүлэр кэлэллэрин, судаарыстыба туһамматын этэр. «Мин доруо­буйам мөлтөөтө, мин үлэлэрбин суох гына, ыһа-тоҕо олорбокко, бачыыммын өйөөн көмөлөһөр наада буолла» диэн суругун түмүктүүр.

Петр Хрисанфович киһи тутарын уйбат буолбут докумуоннарын ааҕа олорон, бу уһулуччулаах киһи дьарыктаммыт дьыалата элбэҕин сөҕөҕүн.

Академиктардыын тэҥҥэ мөккүһэр, дакаастаһар кыахтааҕа

П.Х. Староватовы кыраайы үөрэтээччи эрэ таһымнаах чинчийээччи курдук көрөр алҕас буолуо. Үлэлэриттэн, суруктарыттан кини бөдөҥ учуонайдары кытта мөккүһэр кыахтаах научнай билиилээх киһи буолара көстөр. Ол курдук, 1944 дуу, 1945 дуу сыллардаахха Бүлүү өрүс сүнньүнэн уонна салааларынан өҥнөөх уонна сэдэхтик көстөр металлар үөскээһиннэрин боппуруостарын туһунан академик А.Е. Ферсмаҥҥа суруйбут. Онно: «…Вот мои основания: на всем протяжении верхнего течения Вилюя выступают диориты и известняки силура (Маак). А так как магма выступала в пермский период по Вилюю, то ясно, что она прорывала силурские известняки. Нам же по новейшим данным известно, что кислые и ультракислые магмы, прорывая известняки, изменяют структуру в магму средней кислотности и богаты цветными и редкими металлами в районах контактов. Маак мог этого и не знать, т.к. он работал около ста лет тому назад. Мои же соображения таковы, что кислые магмы, прорывая известняки силура, превращались в диориты. Вот на этом основании я и высказываю свои соображения, что в районе контактов диоритов и известняков силура должны быть олово и коренные залегания других цветных металлов… Второе соображение. Вилюй прорывают траппы знаменитой тунгусской свиты, богатые по определению в нижнем течении Енисея, а я полагаю, что это оруденение продолжается по Вилюю… Инженера вместо того, чтобы сделать проверку, критиковали меня, сидя в канцелярии, говоря, что я спутал с серным и гипейсовым колчеданами, забывая, что я их много видел по Мархе и по другим речкам и в коллекциях».

Петр Хрисанфович киһи тутарын уйбат буолбут докумуоннарын ааҕа олорон, бу уһулуччулаах киһи дьарыктаммыт дьыалата элбэҕин сөҕөҕүн. Сир түҥэтиитэ, сүөһү иитии­тэ, бэтэринээринэй сулууспаны тэрийии, Бүлүү авиабылаһааккатын өрүс уҥуор оҥорууну сорунуулаахтык утарыы, Бүлүү өрүһүнэн, кини салааларынан борохуоттар сылдьыыларын, харгылары туорааһын, 1951 сыллаахха Дьокуускайтан көтөн иһэн сөмөлүөт Сангаар чугаһыгар сууллубут бириэ­мэтин сабаҕалааһын, буос­та сырыытын боппуруостара уонна да атыттар. Ити барыта дириҥ, олохтоох ырытыылаах, экэнэмиичэскэй суоттааһыннардаах уонна дьоҥҥо туһалааҕын, дьыала интэриэһин көмүскээһин өттүттэн туруулаһыы буолар эбит.

Холобурга, «Порог Улахан Хана (Орон) и предполагаемая мною там постройка турбогенераторной станции» диэн 1952 сыл сайыныгар суруйбут үлэлээх. Онно бу түөрт биэрэстэ усталаах таас харгыга өрүс уутун туһанан олус улахан электроэнергия­ны ылар кыах баарын дакаас­тыыр. Аччыгый Хаананы дэлби тэптэрэн борохуоттар сылдьар кыахтарын үөскэтэр, оттон Улахан Хаанаҕа турбогенераторнай ыстаансыйаны, шлюзтары тутар уонна манна баар сиртэн хостонор баай минераллары туһаҕа таһаарар, тыа хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннарар кыах үөскүүрүн этэр. «Манна Сойууска даҕаны улахан суолталаах кыахтар үөскүөхтэрэ, байыаннай бырамыысыланнас сайдыытыгар эмиэ улахан көмөлөөх буолуоҕа» диир. Биһиги билигин ити үйэ аҥаарын анараа өттүгэр оҥоһуллубут сабаҕалааһын хайдах олоххо киирэн эрэрин туһунан көрө-билэ сылдьабыт. Бүлүү гидроэлектростанцияларын уонна кинилэр суолталарын өтө көрүүнү киһи сөҕүөн эрэ сөп.

П.Х. Староватов «Бүлүүтээҕи метеорологическай ыс­­таансыйа кэтээн көрөөччүтэ» диэн эмиэ дуоһунас­таах эбит. Айылҕаны кэтээһининэн бэрт өрдөөҕүттэн дьарыктаммыт, ону Бүлүүгэ олорон, Элгээйигэ оҥорбут бэлиэтээһиннэрин кытта тэҥнээн көрөрө туоһулуур. Хаһан эрэ килиэккэлээх тэтэрээт саһаран хаалбыт лиистэригэр «Климат Вилюйского района за 25 лет по Визе», «Процентное распределение ветров», «Температура. Абсолютные минимумы и максимумы температуры воздуха», «Количество осадков», «Число ясных и облачных дней», «Средняя толщина снегового покрова», «Навигация по Вилюю», «Географические координаты и высота над уровнем моря Вилюйской метео­рологической станции» диэн графическай оҥоһуулаах, үгүс-элбэх сыыппаралар­даах бэлиэтээһиннэри көрөн баран, билиҥҥи биир оскуола үөрэнээччитэ: «Бу мантан атын тугунан да дьарыктамматах киһи дуо?» – диэбитэ.

Твардовскай Староватовы Теркиныгар атылыы көрбүт буолуохтаах

Итиннэ даҕатан эттэххэ, Петр Хрисанфович олус эрдэттэн үлэлиир киһи этэ дэ­­һэллэр. Биирдэ, 1953 сыллаахха Н.Г. Чернышевскайы кэриэс­тээн, биллиилээх суруйааччы Александр Твардовскай эмиэ суруйааччы Романенконы кытта Бүлүүгэ кэлэ сылдьыбыттар. Оройуон салалтата күнү быһа арыаллаан, онон-манан сырытыннаран, киэһэ аһатан, райком дьиэтигэр хоннорон баран, нөҥүө күнүгэр кэлбиттэрэ, дьонноро хосторугар суохтар эбит. Кэтэһэ сатаан баран, дьоҕус куорат устун дьон ыытан көрдөтөн мэлийбиттэр: дьону кытта көрсүһүү, бэсиэдэ бөҕө бырагыраамата тохтубут. Кэмниэ-кэнэҕэс, эбиэт кэннэ ыалдьыттара бэйэлэрэ тиийэн кэлбиттэр.

– Ханна сырыттыгыт?

– Хайдах ханна? Оттон эһиги уникальнай түмэлгитигэр, – диэн буолбут.

Москвичтар, бэйэлэрин бириэмэлэринэн сылдьар дьон, кыайан утуйбакка, сарсыарда 6 чаас саҕана түмэл баар уулуссатын таба тутан, өрүскэ киирэн иһэн, бэйэтэ музейнай эриэккэс курдук оҕонньор (А.Твардовскай тыллара — Н.К.) кирилиэскэ тахсан турарын көрөннөр, кэпсэтэн, түмэл буоларын билэн, киирэн интэриэһиргээн ити айылаах тардыллыбыттар.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Николай Крылов, суруналыыс,

Бүлүү улууһун, Бүлүү куорат  уонна Чернышевскай нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

6 часов ago