Бүгүн чэппиэр. Ол аата, “Саха сирэ” хаһыатым кэлиэхтээх. Кэлин өйдөөбүтүм, бу күнү, испэр, күүтэр буолбут эбиппин. Хаһыаппын илиибэр ыллахпына үлэлии-хамсыы сылдьыбыт үтүө күннэрим, сахалыы тыыннаах кэлэктииппит оргуйан олорбут олоҕо бүүс-бүтүннүү тиллэн кэлэргэ дылы. Оттон эн-мин дэспит, хаадьыласпыт даҕаны, ууну-уоту ортотунан ааспыт эрэллээх доҕотторум харахпар көстөн кэлэллэр. Ол, арааһа, сааһырыы бэлиэтэ буоллаҕа…
Бу өйдөөн кэллэхпинэ, сахалыы тыллаах чахчы да аатырбыт, биллибит-көстүбүт, Үрдүк Үөһээ Айыылартан анаан-минээн этитиллэн түһэриллибит дьону кытары алтыһыннарбыт эбит, Дьылҕа Хаан тойонум. Махтал буоллун Эйиэхэ! Тоҕо диэтэххэ, бу дьон үксүлэрэ үрүйэ уутун курдук ыраас, сир симэҕин курдук сиэдэрэй саха тылын имитэн-хомутан кустук сэттэ өҥүнэн оонньотоллоро. Ийэ тылбыт өҥүн-дьүһүнүн, баайын, минньигэһин, ууһун, кэрэтин, күүһүн, хомуһунун, хомоҕойун өлүөр туруктууллара. Төрөөбүт тылбыт эрчимэ энчирээбэтин, төлкөтө төннүбэтин, түөрэҕэ түҥнэстибэтин туһугар туруулаһаллара. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн, ол үйэлээх үгэскэ, быстыбат ситимҥэ биһигини такайбыттара.
Оннук дьон ортотугар мин, туох да саарбаҕа суох, П.И.Каракановы-Бурдук Буокайы киллэрэбин. Прокопий Иосифович Караканов-Бурдук Буокай – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин бастакы, суруналыыстар Ем.Ярославскай аатынан бириэмийэлэрин лауреаттара, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо этэ. Билигин биһиги ортобутугар мүчүк-мүчүк гына, үөрэ-көтө олороро эбитэ буоллар, аны сайын бэс ыйын 2 күнүгэр 87 сааһын туолуохтааҕа.
Борокуоппай хаһыакка, бэйэтэ этэринэн, 1965 сыллаахха кэлбит. Онтун “идэбин, дьэ, дьиҥнээхтик булбутум” диир этэ. Ол аата, кини оччолорго 29 саастаах өйүн-санаатын туппут, араас үлэҕэ эриллэн дьону-сэргэни, олох ыарахаттарын билбит, бэҕэһээҥҥитин өйдүүр, сарсыҥҥытын саныыр киһи этэ. Саамай кылаабынайа, хаһыат үлэтин, сыалын-соругун билэр дьыалата этэ.
Ити 1965 сылтан ааҕан “саха суруналыыстыкатыгар 40-ча сыл үлэлээбитим” диир буолара. Дьиҥэр, ол этэр баҕалаах 40 сылыгар, 70 сааһыгар хара дьайдаах өлөр өлүү тириэрдибэтэҕэ. Борокуоппай бэчээккэ саастаах, сиппит уонна сыаллаах-соруктаах кэлбит киһи быһыытынан өрүтэ ыстаҥалаабакка сыыйа, бииртэн биир үктэллэри ылан үлэлээбитин, олорго барытыгар бэйэтин суолун-ииһин хаалларбытын бэлиэтиэх тустаахпын. Доҕорум ол этэр 40 сылын үс түһүмэххэ араарыам этэ.
Бастакыта, төрөөбүт оройуонун хаһыатыгар кэрэспэдьиэн уонна отдел сэбиэдиссэйэ. Хаһыат көмөтүнэн оройуоҥҥа үлэ-хамнас сэргэхсийбитэ, дьон санаата өрө көтөҕүллүбүтэ. Инньэ гынан, Борокуоппай хаһыакка үлэтин оройуоҥҥа сэргэхсийиини таһаарыыттан саҕалаабыта диэхтээхпин.
Иккис түһүмэххэ Анаабыр уонна Амма оройуоннарын хаһыаттарыгар эрэдээктэрдээбитин киллэрэбин. “Кыһыл сулуска” 3, “Коммунизм тутуутугар” 5 сыл эрэдээктэрдээбитэ. Манна дойдутугар эрэдээктэр Н.С.Прохоровы 4 сыл солбуйбутун эмиэ киллэрэбин. Ол аата 12 сыл икки оройуон хаһыатын салайбыт. Оччолорго хаһыаттар холкуостар уонна саҥа тэриллибит сопхуостар күүрээннээх үлэлэрин, таба иитиитинэн уонна кырса булдунан дьарыктанар хоодуот дьоннор олохторун-дьаһахтарын тустарынан суруйбуттара. Оттон Борокуоппай бэйэтэ киһи эрэ барыта кэрэхсээн, таттаран ааҕар ырыа курдук ыпсыбыт, тойук курдук тупсубут уочаркаларын, дьүһүйүүлэрин суруйан бэрт үтүө өйдөбүлү үөскэппитэ.
Эрэдээктэр быһыытынан ситиһиилээх үлэтин кини салайбыт “Коммунизм тутуутугар” хаһыата оччолорго 2300 тиражтаммыта, бастакы улахан наҕараадалары, ол иһигэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатын, ылбыта да кэрэһилиир.
Үһүс түһүмэх өрөспүүбүлүкэ 2 улахан хаһыатыгар үлэлээһинин кытары сибээстээх. Бастаан кырдьаҕас “Кыымҥа” киирбитэ. “Киирбитэ” диэн алҕас эттим, “ылбыттара” диир ордук буолуо. Ону “Кыымҥа” эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбит Д.Н.Николаев: “Биһиги Прокопий Каракановы үгүстүк туруорсан үлэҕэ ылбыппыт”, – дииринэн уонна Борокуоппай биир дойдулааҕа, уһуннук сурук отделыгар сэбиэдиссэйдээбит А.М.Ермолаев оччотооҕу кылаабынай эрэдээктэр С.К.Томскайга киирэн доҕорбун хаһыакка ыллара сатаабытынан бигэргэтэбин.
1984 сыллаахха, ити кэпсэтии кэнниттэн 10-ча сыл ааспытын кэннэ, боппуруоһу “Кыымҥа” саҥа сибиэһэй тыыны, сүүрээни киллэрбит эрэдээктэр Ф.Г.Охлопков быһаарбытын чуолкайдык билэбин. Борокуоппайы үлэҕэ ылан. Ол ылыллан Борокуоппай “Кыымҥа” олоҕун 7 сылын биэрбитэ. Бастаан бырамыысыланнас уонна тутуу отделын салайбыта, кэлин хаһыат эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.
Били, бүргэс баппакка, мөһөөччүгү тэһитэ кэйиэлиирин курдук, баардаах баара өппүтэ. Өр буолбатаҕа, хаһыат аатырбыт кырдьаҕастарыттан чорбойон киирэн барбыта. Бастаан киирдэҕин утаата Дьокуускайдааҕы дьиэни тутар кэмбинээккэ күнү-күннүктээн сылдьыбытын, хас да нүөмэргэ бу тэрилтэ саҥа 112 сиэрийэлээх дьиэ эркиннэрин оҥорон таһаарарын иҥэн-тоҥон, хасыһан суруйбутун өйдүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, эрэдээксийэ кырдьаҕастара бары кини ыстатыйаларын сүрдээхтик хайҕаабыттара. Оттон кинилэр мэнээк суруйууну хайҕаабаттарын мин манна кэлээт да билбитим.
Онтон кэлин “Саха миэбэли” булан суруйбута. Манна “булан” диир оннугар “хасыһан” диир ордук курдук. Тоҕо диэҥ, киһи куустаҕына илиитэ тиийбэт туох да баһаам, элбэх боппуруостан, тиэмэттэн Борокуоппай чопчу биир наадалааҕы хаһан ылан суруйара бэйэтэ били сыарҕалаах оттон кыһыл көмүс иннэни булан ылары санатара. Саамай кылаабынайа, ытырбытын ыыппата, хайаатар да салгыыра, сайыннарара, дириҥэтэрэ. Онто били таммах тааһы үүттүүрүн санатара. Таарычча этэн аастахха, “Саха миэбэлин” хасыһыыта “Түргэтэтии вахтатыгар” диэн кинигэ буолан тахсыбыта.
Борокуоппайым 1991 сыллаахха 55 сааһын туолан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Оччолорго биэнсийэҕэ таҕыстыҥ да, үлэҕиттэн уурайар этиҥ. Ити сыл, кини дьолугар, саҥа кэм хаһыата “Саха сирэ” тахсыбыта. Суруксут баҕайы киһини, эт саастыы доҕорун Борокуоппайы В.В.Кириллин хаһыат анал кэрэспэдьиэнинэн үлэҕэ ылбыта. Инньэ гынан дойдутугар олорон олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри суруксуттуур кыаҕы биэрбитэ. Ол аата, “Саха сиригэр” Борокуоппай 12 сыл үлэлээбит.
Дьэ, манна, дойдутугар олорон Борокуоппай санаата кэлэн, дьиҥ чахчы ис сүрэҕиттэн баҕаран үйэлэргэ умнуллубат, аатын ааттатар суруйууларын хаалларбыта. Эмиэ анаан-минээн хасыһан туран диэхтээхпин, Саха сиригэр бурдук ыһыытын, киһи сиир бурдугун ыһыыны урукку чөлүгэр түһэриини, сэрии ыар сылларыгар оҕолор үлэлэрин сыаналааһыны болҕомто эргийэр киинигэр киллэрбитэ. Онто, хаһан да буоларын курдук, таах хаалбатаҕа. Киһи сиир бурдугун ыһыыны кэҥэтиигэ кэскиллээх былаан ылыллан үлэ бөҕө ыытыллыбыта, онон анаан-минээн дьарыктанар тирэх хаһаайыстыбалар баар буолбуттара. Оттон сэрии сылларын оҕолоро, 1936 сыллаах төрүөхтэри киллэрэн туран, тыыл бэтэрээннэрин ааттарын ылбыттара.
Үрдүк Үөһээ Айыылар төлкөлөөх түстэрин иҥэриммит уонна олоҕу салгыыр сырдык аналлаах буолан, Борокуоппай тапталлаах Улятын кытары оруобуна 40 сыл 7 ый ыал буолан бииргэ олорбуттара, кыыстаах-уол оҕоломмуттара, 5 сиэннэммиттэрэ. Онон Борокуоппайым удьуора салҕанарыттан, кини аатын ааттатааччылар кэккэлэрэ сылтан-сыл үксүүрүттэн үөрэбин эрэ.
Үлэтэ түмүктээх буолбутуттан сүрдээҕин үөрэрэ, астынара. Үөрүмүнэ, төрөөбүт дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр улахан көмөнү оҥордоҕо, бүтүн көлүөнэ санаатын түмтэҕэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан хамсааһыны таһаардаҕа дии. Дэлэҕэ бар дьоно махтанан Бурдук Буокай диэн ааттыа дуо?! Саханы сахатынан кэрэ дииллэр. Ону эмиэ уларыта тутан этиэхпин баҕарабын. Сир-дойду бэйэтин дьонунан кэрэ уонна ааттанар диэн. Айылҕатынан, баайынан эрэ буолбатах. Борокуоппайым ону билэр этэ уонна мэлдьи этэр буолара:
– Доо, биһиги Аммабытыгар дьоллоох, үтүө дьон төрүүллэр, олороллор, үлэлииллэр, – диэн.
Ол да иһин бэйэтин толору дьоллооҕунан ааҕынар этэ. Аммаҕа төрөөбүт, төлкөлөөх түөрэҕэ олордьу түспүт буолан.
Милан АФАНАСЬЕВ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…